Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолата Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 79 сылын бэлиэтээтэ.
Сыл-хонук аастаҕын аайы Улуу Кыайыыны уһансыбыт ытык дьоммут ахсааннара көҕүрээн, ааттара, сырдык мөссүөннэрэ эрэ хаалан иһэр. Кинилэр ааттарын үйэтитэ, оскуолабыт үөрэнээччилэрэ, учууталлара, нэһилиэкпит аҕа саастаах ветераннара Кыайыы күнүн тэрээһиннэригэр кыттыстыбыт.
Тэрээһиннэр чэрчилэринэн кылаастар икки ардыларыгар «Саллаат дьылҕата» видеоролик, Улуу Кыайыыны уһансарга күүс буолбут оччотооҕу кэм плакаттарын, хартыыналарын тыыннааҕымсытыыга, бар дьону биир тыыҥҥа кынаттаабыт, бииргэ буолууга түмпүт ырыалары, үҥкүүлэри, хоһооннору толорорго кылаастарынан күрэхтэстибит, билиҥҥи оҕо хараҕынан Кыайыы күнүн сырдаттыбыт.
Онтон ыам ыйын 8 күнүгэр «Алдан нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин аҕам саастаахтарын кытта «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» лозунунан көрсүһүү тэрийдибит. Көрсүһүүгэ хас биирдии кылаас ыалдьыттарбытыгар, нэһилиэкпит ытык ветераннарыгар Кыайыы күнүн открыткаларын оҥорон туттардыбыт. Кылаас чаастарыгар ветераннарбыт кэпсээннэрин сэҥээрэ иһиттибит.
Кыайыы 79 сылын бэлиэтиир күҥҥэ, нэһилиэкпитигэр 4 тыыл ветерана, 19 сэрии кэмин оҕото баарын биллибит,
Арҕааҥҥы уонна Илиҥҥи фроҥҥа сырдык тыыннарын толук уурбут уонна Кыайыы көтөллөнөн, төрөөбүт дойдуларыгар кэлбит саллааттарбыт тустарынан оҕолоро, аймахтара киэҥ ис хоһоонноох сырдатыыны оҥордулар. Холобур, 50-тан тахса сыл оҕо иитиитигэр үлэлээбит, буойун-учуутал Петр Михайлович Колодезников сэрии толоонугар сүрэҕэр ыкса тутан илдьэ сылдьыбыт дневнигын, ытык малы, кыыһа Зинаида Петровна аҕалан көрдөрдө. Рейхстаг үрдүгэр Кыһыл былааҕы өрө анньыыга бииргэ хаартыскаҕа түһүспүт, Кыайыы параадыгар кыттыбыт Петр Иннокентьевич Товаров, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков туһунан видеороликтары көрдүбүт, хас биирдии ветеран кэпсээнин сэҥээрэн иһиттибит.
Маны сэргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы » Өлбөт -өспөт полк» , » Кыайыы түннүгэ», «Кэриэстэбил Чүмэчитэ» аахсыйаларга бука бары сүгүрүйдүбүт.
Онон үгүс сыранан кэлбит Кыайыыны үйэлэргэ сыаналыаҕыҥ, кэнчээри ыччаппытыгар тиэрдэн иһиэҕиҥ! Билиҥҥи буола турар быһыыга-майгыга бииргэ түмсэн, эйэлээх олоҕу уһансыаҕыҥ!
Анна Кочнева-дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы.