Дьохсоҕоммут дьоллоох туонатыгар үгэс буолбут көҥүл тустууга ССРС спордун маастардара бырааттыы Дмитрий, Семен Ючюгяевтар бириистэригэр уолаттарга республикатааҕы күрэхтэһии 19 төгүл ыытылынна.
Дьохсоҕон оскуолатын бэтэрээн учуутала Сэмэн Сэмэнэбис Үчүгээйэп төрөөбүт нэһилиэгэр, улууһугар спорт уонна физкультура сайдыытыгар үтүмэн үлэни ыыппыта, ыытар. Кини дьарыктаан-иитэн таһаарбыт уолаттара спорт маастара буолбуттарынан, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар туйаҕын хатаран үлэлии-хамсыы сылдьалларынан киэн туттар. «Таатта тустууктара», «Дьохсоҕон – спорт туоната» кинигэлэр ааптардара. Быраатын Дмитрий туһунан “Кыра эрдэҕиттэн кинигэни таптаан ааҕара. Сахалыы да, нууччалыы да. Үөрэҕэр кыаллар этэ. Кинигэни ааҕан баран онтукайын үчүгэй баҕайытык кэпсиирэ. Уопсайынан, тылга талааннааҕа. Кэлин Москваҕа сылдьан, атын да куораттар тустарынан, араас түгэннэри, биллиилээх спортсменнар тустарынан киһи эрэ истиэх курдук кэпсиирэ. Ол быыһыгар араас дьээбэтэ, юмора элбэх. Күллэрэн да биэрэрэ. Чурапчыга үөрэнэ сылдьан каникулларга кэллэҕинэ тута үрдүбэр түһэн тустубутунан барарбыт. Араас саҥа албастары, тугу билбитин, сатыырын үөрэтэр, көрдөрөр этэ. Этэргэ дылы, бэйэтэ дьарык, бүтэһигэр тустуулаах буолара. Кыра ыйааһын киһитэ диэтэххэ тэҥҥэ тустара”-, диэн олус иһирэхтик ахтар.
Быйылгы күрэхтэһии уратытынан Бурятия Өрөспүүбүлүкэтиттэн тустууктар кыттыылара буолла. Ону таһынан Верхоянскайтан, Хаҥаластан, Томпоттон, Чурапчыттан, Тааттаттан: Ытык Күөлтэн, Дэбдиргэттэн, Баайаҕаттан, Чөркөөхтөн, Дьохсоҕонтон 100-кэ оҕо тоҕуоруһа муһунна. Күнү быһа тура тэбинэн туран кииристилэр. Сытыы хапсыһыылар, өрөгөйдөөх-үөрүүлээх кыайыылар, хомолтолоох-ытаһыылаах хотторуулар түмүктэринэн миэстэлэр маннык таҕыстылар: 30кг. ыйааһыннаахтарга 1м. Толя Ермаков (Сайдыы), 2м. Эрэл Кириллов (Тумул), 3м. Ай-Хаан Хертек (Баайаҕа), 3м. Коля Неустроев (Хара); 32кг. 1м. Арсен Гуляев (Ытык Күөл), 2м. Артур Тистяхов (Ытык Күөл). 3м. Аян Петров (Хара), Алеша Тарасенко (Ытык Күөл); 36кг. 1м. Ярик Яковлев (Ытык Күөл), 2м. Коля Эверстов (Хаандыга), 3м. Жан Гуляев (Тумул), Эрсан Докторов (ЧРССШИОР); 39кг. 1м. Дьулустаан Сидоров (Төлөй), 2м. Эрнест Семенов (Төлөй), 3м. Андрей Карпов (Хара), Ярик Рахлеев (Дьохсоҕон); 42кг. 1м. Дьулус Аввакумов, 2м. Эрэл Давыдов (Төлөй), 3м. Сайаан Никифоров (ЧРССШИОР), Юра Андросов (Дьохсоҕон); 45кг. 1м. Дамир Собакин (ЧРССШИОР), 2м. Коля Чохов (Ытык Күөл), 3м. Алгыстаан Местников (ЧРССШИОР), Айтал Сыроватскай (Дэбдиргэ); 50кг 1м. Күндүл Дьячковскай (Хара), 2м. Айтал Тарабукин (Ытык Күөл), 3м. Арылхан Стручков (Тумул), Эрсан Климов (ЧРССШИОР), 58кг. 1м. Павел Андросов (Дьохсоҕон), 2м. Слава Потапов (Дэбдиргэ), 3м. Арсений Евтухов (Сайдыы); 58кг. үөһэ 1м. Богдан Слепцов, 2м. Сулейман Зотов (Хаандыга), 3м. Платон Слепцов (Ытык Күөл), Максар Дашинимоев (Бурятия); 53кг. 1м. Сема Новиков (Дьохсоҕон), 2м. Эрчим Саввин (Сайдыы), 3м. Кирилл Жегусов (Кириэс Халдьаайы), Айхал Кривошапкин (Дэбдиргэ), 58кг. 1м. Арылхан Борисов (Төлөй), Терентий Мандаров (Төлөй), 3м. Сергей Захаров (Чөркөөх), Саша Андросов (Ытык Күөл).
Хас биирдии улахан тэрээһин көмө буолар дьонноох, спонсордаах буолар. Ол курдук, биһиэхэ улууспут аҕа баһылыга Айаал Семенович Бурцев, “Техноторг”, “Аллан”, “Таатта булт”, “Боробул”, “Левушка” маҕаһыыннар, ДЮСШ, спорткомитет, олохтоох администрация, оскуола, почта, интернат, ЖКХ, МПЧ, КП, «Алампа» аатынан Норуот Айымньытын Дьиэтэ – тэрилтэлэр сыаналаах бириистэри биэрдилэр: СССР кенул тустууга спорт маастара, педагогическай үлэ ветерана, Дьохсоҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо С.С. Ючюгяев, СССР көҥүл тустууга спорт маастара Д. И. Ючюгяев кэргэнэ педагогическай үлэ ветерана Р. В. Ючюгяева, оҕолоро Лаура, Иван, Г.Л.Ючюгяева, М.Л. Архипов, В.Д. Петрова дьиэ кэргэнэ, Т.Л. Попова уола В.А. Карпенколыын, П.И. Щукин анал бириистэри олохтоон эдэр бөҕөстөр үөрүүлэрин үрдэттилэр. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста, кыайыылаахтар илии тутуурдаах, өттүк харалаах астынан тарҕастылар.
Мария Владимировна Сивцева,
саха тылын, литературатын учуутала,
Дьохсоҕон, Таатта