Кулун тутар 1 күнүгэр Таатта улууһун Игидэй орто оскуолатыгар «Куолу 2024» тыл этээччилэр күрэстэрэ 28-с төгүлүн ыытылынна. V-VII кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыны ыллыбыт.
Бастаан хаһыс уочарат кыттарбытын жеребьевкалаан быһаарыстыбыт. 19 оҕоттон 12-нэн кыттыыны ылар буолбутум. Миэхэ сахалартан бастакы Олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриев туһунан тиэмэ түбэспитэ. Соторутааҕыта «Сосновый бор» лааҕырга “Кэскил” медиа оскуола сменатыгар кини туһунан бастакыбын истибитим. Кэргэнин Антонина Софроновна Дмитриеваны, чугас табаарыһын, Олмпийскай чемпион Александр Николаевич Ивановы кытта көрсүбүппүт. Онон тиэмэбитн арыйарбар ити көрсүһүүлэргэ истибитим улаханнык туһалаата. Тугу билэрбин барытын кэпсээн бастакы түһүмэҕи ситиһиилээхтик ааспытым.
Онтон иккис түһүмэххэ хартыынаны көрөн билэр малгын сахалыы этиэхтээх этибит. Онно мин эмиэ үчүгэйдик күрэхтэспитим.
Түмүгэр миэстэлэспит оҕолор салгыы дебакка кытта барбыппыт. Хомойуох иһин, дебаттан эрдэ туораабытым. Ол эрээри сахалыы тылынан “Куолуга” бэйэм бөлөхпөр I миэстэ уонна “Айар алыптаах” анал ааты ылан олуһун диэн үөрдүм. Өссө харчынан бириис туттум. Аныгыскы сылга буолар “Куолуга” хайаан да бэлэмнэнэн, өссө үчүгэйдик кыттыам дии саныыбын.
“Кэскил” медиа оскуола сменатыгар сылдьыбытым миэхэ улаханнык туһалаата.
Алена ТАППЫРОВА, VI кылаас, Уолба, Таатта