С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар “Капустник” диэн ураты тэрээһин буолла. Биһиги гимназиябытыгар сылын ахсын оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕолор учууталларыгар, үөрэнээччилэргэ анаан кэнсиэрдииллэр. Ол “Капустник” диэн ааттанар. Бу тэрээһиҥҥэ оҕолор кистэлэҥ талааннара, дьоҕурдара арыллар.
Кэнсиэр сүрдээх интэриэһинэйдик ааста. Оҕолорбут бары саба түһэннэр, сүрдээх өр бэлэмнэнэн, бэйэлэрин талааннарын көрдөрдүлэр. Биһиги төрөппүттэртэн уонна учууталлартан бэйэлэрин санааларын, оҕолоругар баҕа санааларын туоһуластыбыт.
Сергей Сергеевич Абрамов, төрөппүт:
– Мин төрөппүт буолан тураммын оҕолор сүрдээх уһуннук уонна эппиэтинэстээхтик “капустниктарыгар” бэлэмнэммиттэрин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол түмүгүн көрөммүт үөрдүбүт аҕай. Оҕолорбут улаатаннар, бэйэлэрэ үҥкүү, ырыа-тойук туруораннар биһигитини сэргэхситтилэр. Саныырга да олус үчүгэй. Оҕолорбут улааппыттара көһүннэ. Бары олус талааннаахтар. Учууталлар даҕаны, төрөппүттэр даҕаны оҕолорбутуттан астынныбыт аҕай. Көхтөөхтүк бэлэмнэммиттэрэ көстөр, барыта сып-сап курдук бириэмэтигэр буолан истэ. Оҕолорбутун эҕэрдэлиибин, эксээмэннэрин үрдүк баалга туттаралларыгар баҕарабын.
Кыыдаана Михайловна Екечьямова, математика учуутала:
– Субуотаҕа биһиги XI кылаастарбыт наһаа үчүгэйдик “капустниктаатылар”. Кэнсиэрдэрин барытын бэйэлэрэ туруорбуттара олус үчүгэй. Кыргыттарбыт эппиэтинэһи ылынан, үҥкүү бөҕөтө туруоран, барыларын хамнатаннар, наһаа үчүгэй кэнсиэри ыыттылар. Талааннара киһини сөхтөрөр. Олох бииртэн биир үҥкүүлэрэ диэн, ырыалара диэн, араас нүөмэр барыта баар этэ. Дьэ, капустник кэннэ эксээмэннэрэ кэлэр. Оҕолорбор ситиһиилэри баҕарабын уонна талааннарын олохторугар туһаныахтара диэн бигэ эрэллээхпин.
***
Мин кинилэри кытта сөпсөһөбүн. Кырдьык, олус сэргэх тэрээһин буолан ааспыта. Кэлэр сылга бэйэм XI кылаас буолар буоламмын бириэмэ олус да түргэнник ааһар эбит диэн санааҕа кэллим. Бу түгэни олоҕум тухары өйдүү сылдьыам дии саныыбын. Доҕотторбор эксээмэннэригэр ситиһиини баҕарабын.
Сайаана СИДОРОВА, X кылаас,
“Тумус кыһа” пресс-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията