Биһиги “Сосновый бор” лааҕырга олунньу 13 күнүгэр Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Анатолий Алексеевич Михайловы кытта көрсүбүппүт. Кини биһиэхэ саха төрүт оонньууларын хабылык уонна хаамыска туһунан кэпсээбитэ.
– Хабылык, хаамыска өбүгэлэрбититтэн бэриллэн кэлбит оонньуу. Киһи эргиччи сайдарыгар, түргэнник толкуйдуу үөрэнэригэр олус туһалаах. Оонньуу быраабылатын көрдөххө, боростуой. Үөһэ быраҕа-быраҕа хабар эрэ курдуккун. Онтон оонньоору гыннахха, дьэ уустук. Бу кыракый мас хаамысканы, хабылыгы сиргэ түһэрбэккэ түргэнник хабан ылыаххын наада. Болҕомтолоох, түргэн, сымса буоллаххына эрэ ону сатыыгын, – диэн Анатолий Алексеевич кэпсээтэ.
Быраабыла быһыытынан, 5 хаамысканан, 30 хабылыгынан оонньуугун. Сылын аайы хабылыгы, хаамысканы оонньуур дьон ахсаана элбээн иһэр эбит. Хаачыстыбалара, техникалара эмиэ сайдан иһэр. Ол иһин оонньуу быраабылатын уустугурдан иһэллэр. Холобур, билигин 5 хаамыска оннугар 8 хаамысканан оонньоон күрэхтэһэр буолбуттар. Оннооҕор медицинаҕа кытта туһанар буолбуттар. Инсультаабыт дьоҥҥо дьарык быһыытынан хабылыгы, хаамысканы аныыллар эбит.
Саха сирин үрдүнэн билигин хабылыкка рекорд 48 сөкүүндэ.
Анатолий Алексеевич Михайлов Владислав Попов диэн Саха сирин чемпионун иитэн таһаарбыт. Кини өссө 2022 сыл түмүгүнэн сыл бастыҥ спортсменын аатын ылбыт.
Анатолий Алексеевич эппитин курдук, биһиги бу национальнай оонньуубут мас тардыһыытын курдук аан дойду таһымыгар тахсар кыахтаах.
Ити курдук ситиһиилээх киһини кытта көрсөн, кэпсэтэн, элбэҕи биллим.
Карнелия ИСАГАЛИЕВА, IX кылаас, Күндэйэ, Сунтаар
Дима Саввинов хаартыскаҕа түһэриитэ, VII кылаас, Күндэйэ, Сунтаар