Бииргэ үөрэнэр уолаттарым Благовещенскай куоракка күрэхтэһэн кэлбиттэрэ. Благовещенскай куоракка сэттистэртэн Тарабукин Артём, Бурцев Вова, 6-с кылаастан Чохов Артур, 8-с кылаастан Жегусов Кирилл, 4-тэн Неустроев Сарыал, Баишев Марк бара сылдьыбыттара.
Вова бу сырыыларын туһунан кылгастык санаатын уллэһиннэ, кэпсээтэ: «Биһиги соторутааҕыта Благовещенскайтан кэлбиппит. Оскуолабытыттан мин, Артем, Артур, Сарыал, Кирилл, Марк буолан бара сылдьыбыппыт. Бэстээххэ тиийэн 3-4 чаас поездпытыгар күүппүппүт. Поездка олорон аһаабыппыт, кэпсэппиппит уонна бастакы күммүт инник бүппүтэ. Онтон иккис күн, тоҕо эрэ, наһаа түргэнник бүппүтэ. Ол икки күн айаннаан иһэр оҕолору кытта билсибиппит. Икки күн ааспыта, сарсыарда 7 чааска Благовещенскайга айаннаан кэлбиппит. Кэлэн баран эбиэттээбиппит уонна дьарыктана барбыппыт. Сарсыҥҥы күнүгэр күрэхтэһии саҕаламмыта. Онно мин, Кирилл уонна Артур тустубуппут уонна үһүөн миэстэлиспиппит. Сарсыҥҥы күнүгэр Артеммут тарбаҕын өлөрөн тустан бүппүтэ. Марк 3 миэстэ буолбута, онтон Сарыал туораабыта. Благовещенскайга түөрт күн буолбуппут уонна икки күн төптөрү айаннаан кэлбиппит. Ити курдук 8 күн ааста. Мин санаабар, Благовещенскайга сылдьыахха сөп курдук, ол гынан баран мин сүүс быраһыан кыайан сатаан эппэппин. Тоҕо диэтэххэ, биһиги онно куорат көрө кэлбэтэхпит».
Оттон Никитин Антон маннык кэпсээннээх: «Тохсунньу 2-9-с күнүгэр диэри Дьокуускай куоракка тустуу анал дьарыгар сырыттыбыт. Күн аайы сарсыарда 8 чааска турарбыт. Онтон аһаан-сиэн баран 9 чааска Үһүс оҕо спротивнай оскуолатыгар барарбыт. 10 чаастан 12-гэ дылы дьарыктанабыт, онтон эбиэт кэнниттэн сынньанабыт. 4 аҥаар чаастан киэһэ 6 чааска дылы эмиэ дьарыкпыт буолара. Тустуу анал дьарыгар эрчиллэн араас албастары биллим-көрдүм, сымсатык туттарга үөрэнним. Бу дьарыкка биһиги оскуолаттан 7 уол буолан барбыппыт. Оҕолор дьарыктара олус күүстээх эбит».
Уолаттарбыт мэлдьи бэйэлэрин бу курдук сайыннара, дьарыктана сырыттыннар, ситиһиилээх буоллуннар!
Виолетта Неустроева, Томпо улууһа, Кириэс-Халдьаайы, 7 кылаас