
Биһиэхэ араас кэрэхсэбиллээх «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» кылаас чаастара уонна экскурсиялар ыытыллаллар. Кылааспыт салайааччыта Оксана Мировна Слепцова «Киһиэхэ өйө-санаата, дууһата барыта кэрэ» диэн девизтээх кылаас чааһын чэрчитинэн скульптор Алексей Федосеев быыстапкатыгар илдьэ сырытта. Кини бронзаттан оҥорбут, саха сиэрин-туомун ойуулаан-мандардаан көрдөрөр оҥоһуктарын олус сэҥээрдибит. Хас биирдии оҥоһук туспа ураты устуоруйалаах эбит.









Быйыл нэһилиэк уонна улуус дьаһалталара саҥа таас дьиэҕэ киирбиттэрэ. Ону таарыйа, бачча кэлэн баран, экскурсиялаатыбыт. Урут Таатта гимназиятын бүтэрбит, билигин Киин бибилэтиэкэҕэ айымньылаахтык үлэлиир Лидия Петровна Аргуноваҕа ыалдьыттаатыбыт. Манна көһүөхтэриттэн ааҕааччы ахсаана лаппа элбээбит. Абонемент саалатыгар элбэх кинигэни сэргээтибит, улуус устуоруйатын кэпсиир кинигэлэри анаан-минээн көрдүбүт. Архыып хоһугар урукку туһалаах, баай матырыйаал баарын биллибит. Оттон уолаттарбыт ордук бибилэтиэкэ ситимин бырагырааматын интэриэһиргээтилэр.






Маннык тэрээһиннэргэ сылдьарбын олус астынабын. Куруутун саҥаны, сонуну билэбин уонна билиибин-көрүүбүн хаҥатабын.
Күннэй Кычкина,
IX кылаас, А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй