Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан — Өймөкөөнтөн төрүттээх биллиилээх прозаик, литератураны ырытааччы, тылбаасчыт. Кини аатын Томтор орто оскуолата сүгэр. Ол иһин Томтор оҕолоро Николай Заболоцкай-Чысхаан айымньыларын олус үчүгэйдик билэллэр, ааҕаргытыгар сүбэлииллэр:
Николай Максимович Заболоцкий якутский писатель и литературный критик, родился он в Оймяконском улусе и жил там. Он работал преподавателем в Оймяконском улусе у себя на Родине, он в своих произведениях описывал всю красоту своей малой Родины.
Хочешь почувствовать дыхание Оймяконья?
Рассказы Николая Максимовича Заболоцкого-Чысхаана это не просто проза, а живая северная правда, мороз, тайга, люди которые знают цену славы и поступки. В коротких произведениях столько силы и тишины, что будто стоишь у костра посреди бескрайней тундры.
Читай, чтобы увидеть Якутию глазами того, кто её по-настоящему знает. Рассказы Чысхаана — как северное сияние, в них немного слов, но много совета.
Так он проявлял свою любовь к красоте и народу Оймякона. У него есть много разных жанров, но самый популярный рассказ «Мааппа» где говорилось про реальность и легенды. Главные темы рассказа писателя это: ценность жизни, сострадание и человечность и все это на фольклорной основе.
Саломова Макнона, 7-с кылаас.
Эн, Аан дойдуга тымныытынан аатырар Өймөкөөн сирин Тымныы Полюһун дьикти кэрэ кыһыҥҥы айылҕа улуу уобараһын, дьонун-сэргэтин билиэххин баҕараҕын дуо? Оччоҕуна Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан «Үчүгэй сиригэр» диэн айымньытын аах! Бу кинигэни аахтаххына халлаан уонна сир алтыһа сытар дьикти дойдутугар тиийэҕин. Саха сирин дьикти тымныытын, үлүскэн кэрэ айылҕалааҕын, айылҕатын ааһан кырдьык да кэрэ, сырдык санаалаах үлэһит дьон олороллорун чахчы бэркэ арыйар айымньы. Манна эһиги хаар үллүнньэхтэрин, ирбэт тоҥ мууһун, тымныы кыһыҥҥы күн уоттаах оонньуутун уонна бу тымныыга олорор дьон күүстээх санаатын билиэххит. Бу айымньыны ааҕан баран, эн кыһыны атын хараххынан көрүөххүн, бу тымныыга дьиҥнээх кэрэ уонна күүс баарын билиэххин баҕараҕын дуо? Кыһыҥҥы айылҕа уонна киһи күүстээх санаатын туһунан ураты кэпсээни ааҕан, тымныы кэрэтин бул. Билигин кинигэ маҕаһыыныгар, эбэтэр онлайн-кинигэҕэ куйаар нөҥүө көрдөө уонна атыылаһан аах!
Дягилева Амелия, 7-с кылаас.
Николай Заболоцкай-Чысхаан, прозаик, литератураны ырытааччы, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Кини олохтон ылбыт матырыйаалын чахчыларын өр ырытан, толкуйдаан баран, уус-уран литература тылыгар таһаарарын, сыл-хонук өрөөн, сыыйа-сыныйа суруйарын таптыыр художник этэ. Хас биирдиилэрин ис хоһооно уонна форма өттүнэн бэркэ кичэллибит боччумнаах айымньылар буолаллар. Суруллубут кэмнэрэ ааһан истэҕин аайы эбии дьэҥкэрэн, эбии улаатан баай ис номохтонон иһэллэр. Олус элбэх айымньылаах, айымньылара бииртэн биир кэрэлэр, киһини угуйаллар. Ааҕыаххыт диэн бэркэ эрэнэбин.
Винокуров Александр, 7-с кылаас.
Николай Максимович Заболоцкай айымньылара олус интэриэһинэйдэр. Кини саха суруйааччыта, драматура, литература кириитигэ, тылбаасчыта. Хотугу дойду кырыалаах уонна кэрэ эйгэтигэр киирэ иликкин дуо? Н.М.Заболоцкай «Үчүгэй сиригэр» диэн кэпсээнин аах, ирбэт тоҥ тымныытын бил, хотугу дойду хаартаҕа бэлиэтэммит сир эрэ буолбакка, дьылҕа буолар дьон олохторун уонна үгэстэрин бил.
Аҕыйах да кэпсээннэриттэн аахтаххына хоту дойду тыаларын, дьүкээбил уоттаах дойдуларыгар бэйэҥ сылдьыбыт курдук сананыаҥ.
Вахрушева Венера, 7-с кылаас.
Николай Максимович Заболоцкай тарбахха баттанар суруйааччыларыттан биирдэстэрэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Аҥардас кини «Мааппа» диэн айымньыта саха литературатын классиката, ол эрээри ааҕааччыга бу айымньы дьиҥнээх кутталлаах, олоххо буола сылдьыбыт кэпсээн диэн ылыныахха сөп. Бу айымньыга саха олоҕун-дьаһаҕын, итэҕэлин уонна киһи дууһатын туһунан дириҥ философскай сэһэн буолар. Ылдьаа, кини түүлүгэр эбитэ дуу, илэ эбитэ дуу Мааппаны көрсөр. Мааппа барахсан өлбүт, көмүллүбэккэ илэ сылдьар эрэйдээх дууһа. Бу айымньы сүрүн санаатыгар мистиканы эрэ буолбакка, киһи соҕотохсуйуутун уонна аһыныгас буолууну көрдөрөр. Заболоцкай сүрдээх сылаас тыллаах кэпсээнньит. Ааҕаргар уус-уран тылын, айылҕаны ойуулааһынын киһи сэргиир. Бу «Мааппа» диэн айымньынан Алексей Романов саха кинематографиятыгар бастакы уус-уран киинэтин устубута.
Шкулева Ульяна,7-с кылаас
Чысхаан диэн аатынан икки ураты өйдөбүл баар, биирэ — саха биллиилээх суруйааччыта Николай Максимович Заболоцкай, мин биир дойдулааҕым, иккиһэ, тымныыны уонна кыһыны кэрэһэлиир алыптаах уобарас — Тымныы оҕуһа.
Суруйааччы Николай Заболоцкай – Чысхаан саха литературатын классига, талааннаах прозаига уонна литератураны ырытааччы. Олох чахчыларын дириҥник ырытан дириҥ ис хоһоонноох, кичэллээхтик чочуллубут кэпсээннэри уонна сэһэннэри суруйбута. Айар аатын суолтата Өймөкөөн тымныы дойдутуттан төрүттээх буолан төрөөбүт дойдутун тымныы тыыннын санатар Чысхаан псевдонимы ылыммыта. Кини айымньыларын тыла-өһө баайынан уонна ааҕааччыны умсугутар күүһүнэн уратылаах. Алыптаах уобарас Чысхаан Тымныы оҕуһа норуот номоҕор уонна аныгы култуураҕа Чысхаан диэн тымныыны уонна кыһыны салайар алыптаах иччи аатырар.
Мергинев Милан, 7-с кылаас
Николай Максимович Заболоцкай Өймөкөөн улууһугар, Үчүгэй сиригэр улааппыта, Томторго олорбута «Болот Моһуогуруулара» диэн саха литературатыгар оҕо ымсыытын уонна ийэ муудараһын туһунан умсугутуулаах кэпсээни суруйан хаалларбыта. Кырачаан Болот саахар куһуогун кистиир уонна ийэтин үөрэҕин нөҥүө суобас, кырдьык туһунан улахан уруогу ылар. Суруйааччы саха балаҕанын тыынын уонна оҕо ис санаатын итэҕэтиилээхтик көрдөрөр. Албын-көлдьүн быһыы үөрүүнү аҕалбат, тиһэх куһуок аһы үллэстэр дьону сыаналыахха наадалааҕын көрдөрөр.
Заболоцкай Эрэл, 7-с кылаас
Николай Заболоцкай – саха литературатын улуу суруйааччыта, прозаига, драматура, литературнай кириитигэ уонна тылбаасчыта. Кини айымньылара билигин даҕаны актуальнайдар уонна саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын, историятын көрдөрөллөр. «Мааппа» — бу кини саамай биллэр кэпсээнэ, бу айымньыга таптал өлүүттэн күүстээҕин туһунан долгутулаах мистическэй сюжетынан суруллубут.
Егорова Влада, 7-с кылаас
«Хараҥа тыа, тымныы
кыһын… уонна
биир улахан кистэлэҥ!»
Эн хоррор уонна мистика киинэлэрин сөбүлүүгүн дуо? Аныгы «ужастиктар» барыта омук сириттэн кэлэллэр дии саныыгын дуо? Оччоҕо эн саха литературатын саамай кутталлаах уонна таайыллыбатах таабырыннаах айымньытын билэ илик эбиккин!
Николай Заболоцкай-Чысхаан — «Мааппа»! Бу — судургу кэпсээн буолбатах. Бу — дьиҥнээх сүрэҕи, киһи кутун долгутар кэпсээн:
• Муус тымныыга муммут эдэр булчут…
• Киһи олорботох эргэ балаҕаныгар соҕотох хаалбыт кэрэ кыыс…
• Кинилэр икки ардыларыгар үөскээбит дьикти таптал уонна кутталлаах кырдьык…
Балаҕан иһигэр киирдэххинэ төннөр суол суох, ону эн өйдөө, табаарыс.
Мааппа диэн кимий?
Тоҕо кини тымныы дьиэҕэ соҕотох олороруй?
Уонна булчут уол бу таабырыны таайан тыыннаах тахсыа дуо?
Өскөтүн манныгы сөбүлүүр, салҕыытын билиэххин баҕарар буоллаххына сиһилии аах:
Сахалыы тылынан суруллубут дьиҥнээх мистиканы аах! Төрөөбүт тыл күүнүн уонна тыҥааһыннаах сюжеты бииргэ тут! «Мааппа» кэпсээни аах — бэйэн хорсун санааҕын тургутан көр! (Сэрэтии: түүн утуйуох иннинэ ааҕарга сэрэхтээх буол).
Малика Зияева, 11-с кылаас
