Сахалар былыргы төрүттэрэ тэнгри диэн биир таҥара баарын билэллэр эбит. Онон, нуучча дьоно 1632 сыллаахха кэлэн «Лена острогун», ол иһигэр чочуобунаны туппуттарыгар, кинилэр бэрт сотору сулууспаҕа сылдьар, сүрэхтэнэр, бэргэһэлэнэр буолбуттар. Таҥара үөрэҕэ, православие инньэтэх 2000 сыл анараа өттүттэн бааллар. Христос дьиҥнээх олоро сылдьыбыт киһи буоларыгар мунаарыы суох. Ити үөрэҕи биһиги ылыммыппыт 4-с үйэтигэр чугаһаатаҕа.
Тенгрианство православнай үөрэххэ дьүөрэлии, ол да иһин өбүгэлэрбит бу итэҕэли тута сүрэхтэринэн-быардарынан ылыммыттара. Бэл билигин араас үөрэх-баар быһылаах саха дьоно күн-ый хараарар ыксал түгэнигэр: «Айыы Таҥара, абыраа!», — диэбиттэрин бэйэлэрэ да өйдөөбөккө хаалаллар. Итэҕэл киһиэхэ оннук. Сүрэххэр сылдьыахтаах — олоро сатаан буолбакка. (Суорун Омоллон «Аман Өс», Якутск, 2003 с. 467 стр.) А.Е. Кулаковскай XX үйэ онус (1912) сылларыгар бэйэтин «Интеллигенцияҕа суругар» «сахаларга православнай итэҕэли бэлэхтээбитин» иһин нуучча норуотугар махталын эппитэ. Кини төрөөбүт норуотун духовнай культуратын сайыннарыыга православие оруолун дириҥник өйдүүрэ уонна үчүгэйдик сыаналыыра.
Саха бастакы Президиэнэ М.Е. Николаев сахалар былыр үйэҕэ ылыммыт итэҕэллэрин туһунан: «Арктика. XXI үйэ» диэн брошюратыгар маннык суруйар: «Саха республикатын православнай христианство духовнай позициялара аан дойду атын религияларынааҕар ордук табыгастаахтар. Православнай христианствоны кытта бииргэ биһиги маалгын олох хараҥа быһыытыттан мүччү көтөн тахсыбыппыт, бэйэбит сурукпутун-бичикпитин, литературабытын, живописьпытын, театрбытын үөскэппиппит, омуктар уонна таҥара үөрэхтэрин икки ардыларынааҕы илгэ-эйэҕэ, биһиги улуу дойдубут үгүс ахсааннаах норуоттара державаҕа түмэн биир сомоҕо буолууларыгар үөрэммиппит. Россия Хотугу сиригэр, мин санаабар православнай христианство баһылыыр-көһүлүүр религиянан хаалыаҕа, онтон планета Хотугу сирэ сүнньүнэн христианскайынан хаалыаҕа. Атын чинчи баара биллибэт». Түгэнинэн туһанан, биһиэхэ, бары дьоҥҥо туохтааҕар да күндү кырдьык иһин Михаил Ефимовичка махтаныахпын баҕарабын: кини тылынан саха норуотун культуратын үгүс үйэлэрдээх историятын Кырдьыга бэйэтэ саҥарда! «Өй-санаа чэбдигирдиитин суолунан» (Суорун Омоллоон «Аман Өс» Якутск, 2003 с. 473 стр.) «Я бы предложил ввести в программу Якутской средней школы обучение «Христово Евангельскому закону», как назвал Достоевский. В старой нашей якутской школе это называлось «Закон Божий». Благо, что еще с 1819 года на якутский язык было переведено много священных книг, в том числе и Евангелие. Это благородное дело продолжается и сегодня, можно сказать, в еще лучшей форме». (Суорун Омоллоон «Аман Өс» 2003 с., Якутск 509 стр. «Все люди – дети одной матери»).
Саха республикатын 2-с Президенэ В.А. Штыров 2007 сыллаахха балаҕан ыйыгар таһаартарбыт «Свет разума» ыстатыйатыгар: «Хочу процитировать народного писателя Якутии, Почетного гражданина республики Д.К.Сивцева-Суорун Омоллоона «Не открою большого секрета в том, что христианство, прежде всего Православие, более всего терпимо к языческим традициям и ничего от этого не теряет. Сила его проповеди в утверждении любви, воспитании совести. Христианский идеал, внесенный в языческую среду, очеловечивает ее». Благодаря православным миссионерам коренное население региона якуты и другие северные народы — приобщились к письменности, просвещению. В первой четверти 19 века на основе кириллицы был создан якутский алфавит и напечатаны первая книга на якутском языке. Разве можно забыть о том неоценимом вкладе в культуру якутов, юкагиров, чукчей, эвенов, эвенков которые внесли многие выдающиеся православные миссионеры: протоиерей Димитриан Попов, епископы Дионисий (Хитров), Иаков (Домский), Мелетий (Якимов) и другие? Они способствовали созданию якутского письменного языка, распространению грамотности и здорового образа жизни среди местного населения, боролись с проказой, открывали школы, училища, сиротские дома, библиотеки, музеи, строили храмы. В 2006 г. народный эпос олонхо был признан шедевром мирового творчества, а сохранился он благодаря тому, что появились письменность, которую распространяли служители Православной Церкви».
Николай Шарапов, Россия художниктарын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелэ, Петр Новгородов, геолого-минералогическай наука кандидата «Саха сирэ» хаһыакка 25/Х-07 с. «Тыа сиригэр таҥара дьиэлэрин чөлүгэр түһэриэххэ» диэн ыстатыйаларыгар суруйаллар (кылгатан билиһиннэрэбин): Саха сирин суруйааччыта, үлэ геройа, ытык кырдьаҕаһа Д.К.Сивцев — Суорун Омоллоон «Норуоту итэҕэл, сиэр-майгы, доҕордоһуу быыһыа», — диирэ. Ол иһин айымньытын бары уобарастарыгар кэскиллээх, эйэлээх-соргулаах олох иһин охсуһууну, норуоттар икки ардыларыгар доҕордоһуу туһунан философскай санаатын этэрэ. Ити идеятын нуучча норуотун кытта өй-санаа өттүнэн ыкса сибээстээн, өссө норуотун араас, уларыйа турар политическай хайысхалартан, сүүрээннэртэн харыстыыр санааттан, умнуллан эрэр христианскай өйдөбүлү былыргы быраҕыллан турар былыргы православнай дьиэтин республика бюджетыттан биир да солкуобайы ороскуоттаабакка, общественность күүһүнэн өрүмүөннээн: Суоттуга аһаҕас халлаан анныгар «Доҕордоһуу» музейын, Чөркөөххө мемориальнай музей-комплексын тэрийдэ, Саха сирин историческай духовнай баайын бы»ыытынан историяҕа киллэртэрдэ. Дмитрий Кононович бу өйдөбүлүн доҕордоһуу идеятын эдэр ыччат өйдөөн, улахан суолта биэрэн, олоххо киллэрэн эрэр. О.к. Сунтаар улууһун эдэр предпринимателэ Нина Прокопьевна Герасимова бэйэтин үбүгэр-харчытыгар 17 миэтэрэ үрдүктээх, кыһыл көмүс куполлаах таҥара дьиэтин туттаран, Сунтаар дэриэбинэтин олохтоохторо, кэлэр-барар ыалдьыттара сөҕө-махтайа, кэрэхсии, биһирии көрөллөр-истэллэр. Сунтаар улууһугар бу маҥнайгы кыһыл көмүс куполлаах таҥара дьиэтэ норуоттар доҕордоһууларын, эйэ куолакала буолар. Улуу нуучча норуотун культурата, биир киэҥник, маассабайдык тарҕаммыт көрүүтэ 17-18 үйэлэргэ сибииртэн саха сиригэр тиийэ, христианскай итэҕэли тарҕаттара, онон сиэрдээн, үөрэхтээһини ыытары, таҥара дьиэтин тутуутунан күүскэ дьарыктаммыттара. Саха норуотун үөрэхтээһинэ маҥнай церковнай-приходской оскуолаттан саҕаламмыта. Кэлин бу тутуулар норуоттар доҕордоһууларыгар табыгастаах өйдөбүнньүк буолаллар. Билигин Россияҕа идеологическай хайысхата толкуйдана, чуолкайдана илик уустук кэм буолан, онно-манна эмиэ олоҕо суох национальнай боппуруоһунан киирэ-тахса сатаан эрэллэр курдук… Маннык түгэҥҥэ биһиги интернациональнай өйбөтөн-санаабытын түмэн көрдөрөрбүт наада. Ол иһин тыа сиригэр архитектурнай памятниктары чөлүгэр түһэрэр боппуруостары көрөллөрүн бириэмэ наадалааҕынан аахта. Бу биһиги, суруйар автордар, таҥараны итэҕэйбэт, таҥара итэҕэлигэр үөрэммэтэх дьоммут. Ол гынан баран, таҥара дьиэлэрин чөлүгэр түһэрии, культура, искусство, доҕордоһуу боппуруостарын көтөҕөр иһин өйөөн туруорсабыт.
Онтон 1992 с. ССРС народнай учуутала Михаил Андреевич Алексеев «Саха сирэ» хаһыакка (17.04) «Итэҕэлтэн арахсыы иэдээннэрэ» диэн ыстатыйаны анаан-минээн таһаартарбыта. Онно былаастаах «атеизм» норуокка хайдах курдук духовноһы иэдээннээх кураанахтаһыынан эргитэн тахсыбытын итиэннэ алдьархайдаах нэһилиэстибэни — дьоҥҥо сиэр-майгы төрүөттэрин сүтэриини уонна буруйу оҥоруу үөнэ-тэһиинэ суох барыытын-хаалларбытын итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтэ.
Библия диэн таҥара үөрэҕин аан дойду бары сайдыылаах цивилизованнай норуоттара киһи-аймах олоҕун акылаатынан ааҕаллар. «Киһи-аймах дууһата амараҕын, аһынымтыатын Улуу таҥара киһиэхэ эрэ анаан айбыта» диэн библия үөрэтэр. Аан дойду бары атын норуоттара «Киһини киһилии сиэрдээбит-майгылаабыт таҥара үөрэҕэ — Библия» диэн халбаҥнаабат итэҕэллээхпэр уонна кинилэр олохторун барытын ол үөрэҕинэн салайтараллар. Библия диэн киһини сиэрдээбит-майгылаабыт Улуу таҥара үөрэҕэ библияттан биһиги тугу булабытый? Эн көнө, көрсүө сиэрдээх-майгылаах буол, кырдьаҕастарга, кыһалҕалаахтарга көмөлөһөр үтүө санааны олоҕун аргыһа оҥоһун. Дьоҥҥо куһаҕаны оҥорортон айыыргыыр буол, олоххор ыараханы көрүстэххинэ: «Таҥарам барахсан миигин аһыныа, өлөртөн-сиэтэртэн өрөһүйүө», — диэн эрэлгин сүтэримэ, куруук үчүгэйгэ дьулус, ыарахаттары көрүстэххинэ, ону айдаана суох, долгуйбакка тулуйарга үөрэн, хаһан даҕаны дьоҥҥо үтүө-сааһы үөскэтимэ, дьоҥҥо эрэллээх доҕор буол! Чэ, библияттан итинник, киһи дууһатын иһинэн сылаастык ааһар үтүө сүбэлэри булабыт. Билигин саха норуота кэм үөрэхтэн тииһинэн, олох ыарахаттарын тулуйа сатыыр. Онтон былыр сахалар хайдахтаах ыарахан олоҕу олорон аастылар этэй! Саха норуота ол ыарахаттары хайдах тулуйан баччаҕа тиийдэ? Ити боппуруоска аҕыйах тылынан бу курдук эппиэттиэххэ эрэ сөп: ону норуот тулуйбута — кини Улуу таҥараҕа итэҕэлэ — эрэлэ күүстээх буолан диэн. Биһиги таҥарабыт барахсан көрүө, аһыныа, өрүһүйүө диэн эрэлэ күүстээх буолан. Итэҕэли буорга-сыыска тэпсибит дойдунан аан дойду үрдүнэн киһи-аймах историятыгар соҕотох Советскай Сойуус эрэ буолбута. Норуоту итэҕэлтэн тэйитии биһиги дойдубутун алдьархайга аҕалбыта. Дьон туохтан даҕаны сааппат, аньыырҕаабат буолбута. Күлүгээннэр үксээн дьон чуумпу, эйэлээх олохторун аймаатылар. Улааппыт оҕолор кырдьыбыт төрөппүттэрин абааһы көрөн, инбэлииттэр дьиэлэригэр соһуулара, кыргыттарбыт ийэ буолумаары үөскүүр оҕолорун күн сирин көрдөрбөккө суох гыныылара аньыырҕаабакка үүнэн турар айылҕаны буортулааһын, арыгылыы-арыгылыы киһи кэмэлдьитин сүтэрээһин о.д.а. киһи кэлэйэр кэмэлдьилэрэ тахса туруута-барыта итэҕэли сүтэрии иэдээннэрэ. Дьиэ-кэргэҥҥэ, оскуолаларга оҕолору иитиигэ итэҕэл курдук улуу күүһү туһаммат буолбуттара үйэ аҥарыттан орто. Хата, ол оннугар таҥара суоҕун туһунан идеяны кичэйэн туран оҕо өйүгэр иҥэрэ сатыыллар. Оннук иитии туохтан да сааппат-кыбыстыбат, аньыырҕаабат оҥордо. Дьон сылдьар сиригэр сааттаах быһыылары оҥоруу элбээһинэ, дьону халааһын, атаҕастааһын албын-түөкүн дьоннор ахсааннара күн-түүн элбээһинэ — ити барыта итэҕэли ситэрии иэдээннэрэ. Былыргы кыһалҕалаах олохтоох сахалар оҕолорун таҥараны итэҕэйэргэ хайдах курдук наҕыллык — холкутук, тиһигин быспакка, туох даҕаны ыгыыта, ыххайыыта суох иитэр этилэрий! Тоойуом, кырдьаҕас эбэҕэр көмөлөһөргүн умнума, чыычаахтар барахсаттары тамнааттаама ынах бэйэтин көмүскэнэр тыла суох, кинини охсума — аньыы буолуо, күөх оту тэпсимэ, кыра оҕону ытатыма, дьоҥҥо куһаҕаны оҥорума — ол бэйэҕэр эргиллиэн сөп, о.д.а. оҕо дууһатын иһинэн сылаастык ааһар сүбэлэри. Былыргы сахалар оҕону сыыйа-баайа итэҕэлгэ иитэллэрин түмүгэр бүтүн саха норуота кэпсэлгэ киирбит күн-көрсүү сиэрдээх-майгылаах. Итэҕэл диэн — киһи-аймаҕы киһилии сирдээбит улуу күүс буолар. Итэҕэли ситэрии дойдуну хайдахтаах алдьархайга тириэртэ! Ол алдьархайы дьэ өйдөөн билигин биһиги дойдубутугар собордары, храмнары, таҥара дьиэлэрин чөлүгэр түһэрэн, таҥара үөрэҕин норуокка тарҕатан эрэллэр. Бүтүн Россия радиотынан нэдиэлэ аайы религияны итэҕэйии туһунан кэпсииллэр. Итини, итэҕэл туһунан дьиҥнээх революция буолбутун курдук өйдүөххэ сөп. Ол революция арай биһиэхэ — саха норуотугар барара тоҕо эрэ биллибэт, уу-чуумпу. Религия курдук киһи-аймаҕы иитэр улуу күүстэн туһаммат хомолтолоох эрэ буолбатах, ону ааһан, сааттаах. Англичаннар, французтар, итальянецтар, японецтар, китаецтар уо.д.а. сайдыы өртүнэн биһигиттэн — сахалартан — хаалбыт буолан былыр-былыргыттан олохторун фундаменынан таҥараны итэҕэйиини ааҕаллар үһү дуо? Хата биһиги, сахалар, биһиги турукпутунан киһи-аймах сайдыбыт остуоруйатын кирилиэһин бастакы үктэлиттэн үөһэ тахса иликпит. Былыргы саха ыала оҕолорун хайдах курдук быыстала суох таҥараны итэҕэйэргэ, иитэр этилэрий! Ону оҕо кэрэ музыканы истэр курдук истэрэ. Ким истибэтэҕэй, былыргы саха ыалыгар ыалдьыттаабыт дьонтон, ийэлэр оҕолорун хайдах курдук итэҕэлгэ үөрэтэллэрин-иитэллэрин. Ол оҕо дууһатыгар кэрэ ырыа курдук тиийэрэ республика билиҥҥи салалтата, саха интелигенцията, ааспыт олох алдьархайдаах алҕастарын өйдүөхтэрэ уонна хойутабакка, религия курдук киһини иитэр улуу күүскэ сахаларын норуотун сыһыарар туһугар дириҥ ис хоһоонноох, өйдөөх үлэни саҕалыахтара диэн эрэнэбин.
Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон Бэс Чагдаҕа 2005 с. кулун тутар 7 күнүгэр Москваттан Михаил Александровичка суруйбут суругун бу ыстатыйа автора Сиэрэй Маасса киниэхэ тиэрпитэ. Ол сурукка 3-с пуунугар Чөркөөх таҥаратын дьиэтин Зосима епискобун кытта сөбэлэһэн, үлэлиир таҥара дьиэтэ оҥоруохтааххыт. Бириэмэ ирдэбилэ оннук, ону Е.С.Шишигины уонна И.И.Наумовы кытта холбоон туруорсуохтааххыт. Норуоппут төрүт итэҕэлин, православнай, христос үөрэҕин тутустаххытына эрэ аныгы олох араас алдьархайыттан быыһанар эрэ мүлчүргэҥҥэ кэлбиппит илэ бодо көстөр, атын быыһанар суол суоҕа чахчы. Онуоха арыгы алдьархайа, доруобуйа мөлтөөн аньыыга-хараҕа анньар. Итини мин сахалар дьылҕабыт боппуруоһун курдук көрөн этэбин диэн кэс тылын суруйбута. Дмитрий Кононович бэйэтин ахтыытыгар бу курдук суруйар: «Оказывается, тут я допустил непозволительную оплошность: после реставрации церковное здание передал музею и поместил в нем экспозицию жизнь и деятельности революционеров, отбывавших ссылку в Якутии. Это я осознал только в эти годы, когда работал под руководством богословского редактора Саргыланы Леонтьевой над переводом на якутский язык Священных Писаний. Я родился в христианской якутской семье и был крещен в Николаевской церкви 14 сентября 1906 года. Я считаю себя православным человеком и решил принести свое покаяние перед богом и церковью и просить Бога о прощении моего вольного и невольного прегрешения, подготовил обращение к Архиепископу Герману Якутскому и Ленскому о своем желании передать здание Николаевской церкви в полное его распоряжение. Да простит меня Господь, благословит Его Первоосвященство Архиепископ Герман Якутский и Ленский. Божье — Богу. Обязуюсь в указанный срок вынести все музейные предметы и сделать силами общественности отдельную ограду вокруг обеих церквей с.Черкех».
Дмитрий Кононович ахтыытыгар суруйбут «Работал под руководством богословного редактора Саргыланы Леонтьевой над переводом на якутский язык Священных Писаний», — диэн ахтар Саргылана Афанасьевна Леонтьева. Кини бэйэтин көрдөрүүтүнэн айымньытын толору хомуурунньуга 14 томунан тахсарыгар составителинэн үлэлээбитэ. Саргылана Афанасьевна 2006 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Татьяна Марковаҕа биэрбит интервьютугар «Саха сирэ» хаһыакка: «Бу олус эппиэттээх, уустук үлэ буоларын өйдүүбүн. Ылсыбыппын маҥнай кэмсинэ санаабытым эрээри, бу миэхэ Дмитрий Кононович кэриэс тыла этэ. Билигин толору хомуурунньук 7 тома ааҕааччыларга уонна библиотекаларынан тарҕанна. Дмитрий Кононовичка үлэтигэр-хамнаһыгар көмөм иһин Саргылана Афанасьевна Леонтьева миэхэ «Саҥа кэс тыл» кинигэни бэлэхтээбитэ. Ытыктабыллаах Петр Николаевич, Дмитрий Кононович куруук ахтар-саныыр чугас күндү киһитигэр, Таҥара алгыһын баҕаран туран бэлэхтиибит. Саргылана Леонтьева, 27/VI-05 с.». Түгэнинэн туһанан аҕа баһылыкпытыгар Михаил Александровичка Суорун Омоллоон аймахтарын ааттарыттан Суорун Омоллоон — норуотугар кини олоҕо, үлэтэ, айымньыта дьиҥ кырдьыктаах үтүө өйдөбүлүнэн үйэлэргэ хааларыгар үтүө сыһыанын, сүбэтин-аматын, практическай көмөтүн иһин махталбын биллэрэбин.
Т.Маркова ылбыт интервьютугар маннык эппиэттиир: «Саха сирин тылбаасчыттарын булуо уонтан тахса сыл бу тылбааска үлэлээбиппит кэннэ литературнай редактор, суруйааччы көрөрө наада буолбута. Толкуйдаан-толкуйдаан, Владыка Гермаҥҥа этэн баран, ити боппуруоска Суорун Омоллооҥҥо сүбэлэтэ барарга быһаарыммытым. Олус толлор этим, ол санаабыттан ардыгар бэйэбиттэн-бэйэм кыһыйан ытыыр этим… Онтон дьэ, биирдэ эр санаабын ылынан баран телефоннаатым. Дмитрий Кононович сөхтөрдө — хаһыакка суруйбутун дуо?, — диэтэ. «Суох», — диэбиппэр, эн ыстатыйаҕын быһан уура сылдьабын ээ, эйиигин көрсүөхпүн баҕарбытым ыраатта», — диэтэ. Кэлин билбитим, суруналыыс Иван Гаврильев «Ил Түмэн» хаһыакка миигиттэн ылбыт «Таҥара таптыырга үөрэтэр» диэн ааттаабыт интервьютун этэр эбит… Итинник билсиһэн турабыт. Ол аата биһигини Айыы Таҥара көрүһүннэрбитэ диэххэ сөп буоллаҕа дуу. Дмитрий Кононович, «сахалартан биир идэлээхпин, өссө буолаары буолан — кыыһы, эйиигин көрүстүм» диэн үөрэрэ. Мин наадабын эппитим. Сүбэлээ диэн көрдөспүтүм. Испэр бэйэтэ сөбүлэһиэ дии санаабат этим, онуоха киһим, «Таҥарабар биэриэм»… диэт үс төгүл кэриэстэммитэ. Ол аата кини Таҥараттан ылбыт талаанын этэр буоллаҕа, диэн өйдөөбүтүм…
Ыстатыйабын Суорун Омоллоон тылларынан түмүктүүбүн: «Вот скоро выйдет наша долгожданная книга «Новый Завет». И она укажет путь моему народу, по которому ему идти. Я больше не буду ничего писать, доказывать, спорить. В этой книге будет все, что я хотел им сказать. Я верю своему народу. Он увидит правду».
Таатта, 12.09.2008 с. Суорун Омоллоон тиһэх үлэтин «Саҥа кэс тыл» диэн кинигэтин бар дьонугар тарҕатара буолар.
Петр ИВАНОВ,
кыраайы үөрэтээччи, суруйааччы, уопсастыбаннай деятель.