Полярнай эргимтэ иһинээҕи «Аллараа Халыма» совхозка үп-үрүҥ кыраһыабай таба баар. Ол таба салаалардаах муос оннугар, ат дугатыгар маарынныыр муостаах.
Биллэрин курдук, табалар бары салаалардаах иккилии муостаахтар. Бу дьикти таба атын табаларга олох маарыннаабат. Ученайдар, специалистар, элбэҕи билбит-көрбүт бостууктар былырыын саас саҥа үүнэн эрэр кыра муосчааннар төбөлөрө бэйэ-бэйэлэригэр тиксиһэн баран, сыста үүммүттэрэ буолуо диэн сэрэйэллэр. Иннин диэки кыратык токуруйбут, ньолбуһахтыҥы биһилэх курдук үөскээбит. Атын көннөрү муостартан уратылаһан, салаалара суох уонна икки төгүл сыһа суон.
Ф.П. Ефимов Дьиктилэр. Дьиибэлэр. Дьээбэлэр. – Дьокуускай, 1981.
Анюта Андреева-Күндүүнэ бэлэмнээтэ.