Дуоктар Авксентий Мординов сахаларга философскай өй-санаа үөскээбитин тоһоҕолоон 1982 сыллаахха бэлиэтээн турар. Философияны норуот айбыта. Сахалыы сурук сайдан, айымньы айыллан, олоҕу анаарыы олус көдьүүстээх. А.Е.Мординов аатынан лицей үөрэнээччилэрэ айар дьоҕурдарын сайыннарар оҥкулунан салайтаран, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэринэн бигэтик билэллэр. Бу тэттик хоһооннорго философия тыына баара биллэр. Оҕо майгыта, олоҕо, кини олорор эйгэтэ ойууланар. Тулалыыр айылҕаны хайдах баарынан ылынар уонна онон киэн туттар үрдүк иэйии саҕыллар.
Сайнаара Мосоркина, 9а кылаас.
***
Төрөөбүт дойдум наһаа да мааныгын,
Улааппыт сирим олус да күнүдүгүн,
Олорбут түөлбэм үтүө да дьоннооххун,
Хаампыт ыллыгым уһун да эбиккин.
Сүрэхпэр чугастык да тутабын,
Төрөппүттэрбэр махталым да улахан,
Дьолбор түбэспитэ да бэрдин,
Айылҕабын харыстаан да биэрэбин.
Тааттам күөх кырыһын үрдүнэн
Алтыһан сылдьыбыт оҕо сааһым,
Эйгэбэр иитиллэн улаатаммын,
Саҥата суох сэмэйдик сылдьабын.
Айыллаана Большакова, 9а кылаас.
***
Мин төрөөбүт дойдум
Ис дьиҥҥин арыйан,
Айылҕатынан көрдөрөр,
Мин саныыр дойдум
Үтүө, мөкү өрүттэрэ
Остуоруйалаах бэйэтэ,
Мин таптыыр дойдум
Тылы-өһү үөрэтэн,
Уус тылынан аатырар,
Мин ахтар дойдум
Дууһаны эмтиир
Сирэ-уота иччилээх.
Наташа Мохначевская, 9а кылаас
***
Мин таптыыр дойдум Таатта
Мин дьиэм, тулалыыр айылҕам,
Ийэм-аҕам, олоҥхом, сахам тыла.
Дьол-үөрүү дьылҕам бэлэҕэ.
Мин таптыыр дойдум Таатта
Нарын-намчы ис киирбэх,
Күлүм-чаҕыл, күндү дьүөгэм
Иэйэр-туойар төрүт сирим.
Дьулусхан Андросов, 5а кылаас.
***
Күһүҥҥү хаардаах киэһэҕэ
Ытык Күөлгэ төрөөбүтүм.
Борук-сорук хараҥаттан
Баар буола түспүтүм.
Кыһыҥҥы уһун күннэргэ
Ытык Күөлбүн көрөрүм.
Имик-самык уоттартан
Кэлэр-барар буолбутум.
Сааскы чаҕыл кэмнэргэ
Ытык Күөлбэр сырылыырым.
Тиэрэ-маары үктэннэрэн
Биллибэккэ улааппытым.
Алексеев Андрей 11а кылаас.
***
Төрөөбүт дойдум барахсан
Бу орто дойдуга сүктэрэр,
Ытык Күөл оҕото буоларбын
Ийэбэр, аҕабар санатар.
Төрөөбүт дойдум барахсан
Сир-дойду харамайдара,
Ытык мааны айылҕатын
Уу күлүмүн оонньотор.
Ефремова Сахаяна, 11а кылаас
***
Кэрэ кэпсээн кэриэтэ
Күн сирин көрбүтүм,
Кыталык кыыл курдук
Кыыс оҕо буолбутум.
Сэргэх сэһэн кэриэтэ
Күн сирин көрбүтэ,
Үрүҥ Уолан буойуна
Уол оҕо буолбута.
Максимов Степан, 11а кылаас.
***
Бастаан харахпын аспытым
Түннүк нөҥүө хаар түһэрэ,
Илиибэр сырдыгы туппутум
Күн уота муостаҕа түһэрэ.
Сайын кыһынынан солбуллар
Тымныы сылааһынан биллэр,
Улахан дойдубутугар
Кыра киһи улааппатым.
Маркова Ульяна, 11а кылаас
Атын сиргэ сылдьаммыен,
Айылҕам кэрэтин ахтарым,
Амма, Алдан өрүстээх
Алгыс тыллаах Ытык Күөлүм!
Талааннаах сэмэй дьонноох,
Аралдьыйар кэрэ көстүүлээх,
Томороон тыйыс тымныылаах,
Ахтар-саныыр мин Тааттам!
Андросова Регина , 11а кылаас
Төрөөбүт дойду
Чугас доҕорум, таптыыр сирим,
Киникүндү айылҕатын
Отун-маһын, уутун-хаарын,
Амтаннаах салгынынан
Миигин күндүргэтэр.
Төрөөбүт дойду
Хаһан да умнуллубат,
Куруутун сүрэхпэр баар,
Оҕо сааһым дьиктитэ,
Бастакы олоҕум туоһута
Төрөөбүт дойду
Иэдэспэр ууллубут хаар
Күннээх саһарҕам илдьитэ,
Харахпар эрэл уота
Сахам сирин сарсыҥҥыта.
Валера Аввакумов 11а кылаас.
Төрөөбүт дойдум ыччата буоламмын,
Улааппыт уулуссам оҕото дэтэммин,
Айылҕа маанылаах уолана аатыран,
Ытык Күөлбүн киэн тутта ааттыыбын.
Снежана Заворотная 11а кылаас.
Тааттабын
Таптыахха!
Төрөөбүт сири
Төрүттүөххэ!
Үлэһит дьонунан
Киэн туттуохха!
Аар айылҕабын
Харыстыахха!
Өбүгэм олоҕун
Үөрэтиэххэ!
Сиэри-туому
Ситэриэххэ!
Айымньылары
Айыахха!
Кэс тылбытын
Кэһимиэххэ!
Родион Рахлеев 11а кылаас
Ийэ сирим
Ииппитэ,
Ханна да тиийдэрбин
Өйүм-санаам
Төрөөбүт дойдубар,
Хомоҕой хоһоону
Ходуһаттан
Хомуйуом.
Астык айымньыны
Алаастартан
Аҕалыам.
Аина Данилова 11а кылаас.
Халлаан суһуктуйуута
Сырдык күнүм тыгар,
Сылдьыбыт сыһыыбар
Сибэкки кэрэтэ тыллар.
Сылаас салгын биллиитэ
Уйан дууһам уһугунна.
Василий Гоголев 11а кылаас.
“Төрөөбүт дойду” диэтэхтэринэ,
Өйбөр күлүм гынан ааһар
Былыргы суол омооно,
Отон үүнэр сирин ыллыга,
Төгүрүк көлүйэ ыраас уута,
Хонууга үүнэр алтан от.
Ойуоккалыыр кулунчук,
Түптэ унаарар буруота,
Ынах маҥырыыр саҥата.
Маша Толстякова 11а кылаас.
Бу сиргэ эрэ баар
Ып-ыраас халлааннаах,
Ийэм-аҕам бүппэт таптала,
Дьиэм оһоҕун сылааһа,
Алаадьы сыттаах эбэм,
Ытык тыаһын истэбин.
Саша Герасимов, 9а кылаас.
Күндү сирим Таатта
Сурук-бичик дойдута,
Тыла-өһө үөскэ устар
Үрэх устун суккуллар.
Үтүө дойдум Таатта
Олоҥхону үөскэппитэ,
Өксөкү кыылы көтүппүтэ,
Ойуун дүҥүрүн тыаһа,
Сири тыыннаан оҥорбут.
Дайаана Боярова, 9а кылаас
Үүммүт дойдум тапталлаах,
Кини кэрэ, кини ыраас,
Төрөөбүт дойдум-мин Тааттам
Мин дьиэм, уйам уонна дууһам.
Мин төрөөбүт дойдубар
Хантан да төннө туруом,
Биир күн кэлэн олоруом
Ааспыт кэми анаарыам.
Хайдах кыһын кэлэрин,
Маҥан хаар түһэрин,
Хайдах сайын буоларын,
Күөх буолан хааларын.
Төрөөбүт дойдум айылҕата
Кэрэтэ киниэнэ- онно баар,
Төрөөбүт дойдум дьонугар,
Дууһата киниэнэ- онно сытар.
Дияна Сивцева, 9а кылаас
Киэҥ сырдык остуоруйалаах дойдум,
Ийэ уонна аҕа баар сирэ-уота,
Күнтэн-күн улаата туруом,
Сырдыктан-сырдыкка сирдиэҕим.
Айылҕата диэн туспа көстүү,
Аан дойдуга кыраһыабай,
Саамай кэрэтэ, сибиэһэй салгына
Дойдубар муҥутаан турар.
Онтон чугас туох баарый?
Төрөөбүт дойдум көрөн-истэн,
Дьиэбин-уоппун дьаһанан,
Сылаас лэппиэскэни сиибин.
Биир баҕа санаам диэн баар,
Күн сирин көрдөрбүт дойдубар,
Барыта үүнэ-сайда туруохтун,
Дьон үлэлээх буолуохтун!
Ксения Алексеева, 7б кылаас
Мин үөскээбит төрөөбүт дойдум,
Мин улааппыт алаһа дьиэм-уотум,
Мин сүүрбүт-көппүт күндү сирим.
Мин тапталаах Талба Тааттам!
Махтанабын манна баарбыттан,
Махтанабын саха тыллаахпар,
Махтанабын саха буоларбыттан,
Махтанабын ис сүрэхпиттэн.
Алеша Саввин, 7б кылаас.
Мин дойдум Таатта
Мин тэбэр сүрэҕим,
Мин Ытык Күөлүм
Мин дохсун сүрэҕим.
Мин истиҥ дьонум
Мин ийэм-аҕам,
Мин чугас дьонум
Мин доҕотторум.
Ариана Аргунова 7б кылаас
Туохха да тэҥнэспэт,
Кимҥэ да бэриллибэт,
Саамай тапталлаах
Төрөөбүт күндү сирим
Чугаскын даҕаны сүрэххэ!
Сандаара Мосоркина, 7б кылаас
Мин кэрэ киэҥ дойдум
Олус да кыракый,
Дьыбар тымныытынан
Сураҕырар-аатырар.
Самаан сайын
Итии куйаастаах.
Мин оҕо сааһым
Бөдөҥ кып-кыһыл отон,
Кып-кыра минньигэс
Дьэдьэннээх сир,
Кыынньар кымыс
Ыһыах үөрүүлээх.
Саша Бурмистрова, 6в кылаас.
Бу өлгөм үүнүүлээх алааспар,
Сылгы сыһыылаах толооммор,
Үрэх дьиримниир уутугар,
Күн көмүс уота ыспахтыыр!
Бу барыта – мин дойдум!
Арылхан Саввин, 6в кылаас
Мин бастаан көрбүт дойдум,
Мин харахтаан билбит сирим,
Миигин саха дэппит өбүгэм,
Миигин киһи оҥорбут ийэм.
Изольда Габышева, 6в кылаас.
Мин төрөөбүт дойдубун таптыыбын,
Салгыннаах тыалын ордоробун,
Онньообут кырдалбын талабын,
Оҕо кэммин санаан-ахтан кэлэбин.
Дианна Неустроева, 6в кылаас.
Дойдум миэнэ —
Төрөөбүт төрүт сирим,
Таптыыр дьиэ кэргэним,
Үөрэнэр лицей оскуолам.
Дойдум миэнэ –
Дьикти айылҕа тула,
Алыптаах иэйии кэмэ,
Тыыннаах сахам тыла,
Олоҥхо оһуордаах.
Изабелла Степанова, 6в кылаас.
Сылаас сүрэхпинэн үллэстэбин,
Эн уонна мин дьиэм үөрүүтүн,
Мин төрөөбүт дойдум иэйиитэ
Мантан булабын дьолу-соргуну.
Хойуу лабааҕа чыычаах олорор,
Ити аата айылҕам үөрэ уһуктар,
Сибэкки сыттаах чэбдик салгын
Модун санаа сүдүтэ сүүрдэр.
Мин дьоллоно үөрэнэбин,
Аймалҕана суох халлааным,
Сүрэҕим өрүү бииргэ тэбэр,
Төрөөбүт дойдум нус бараан.
Амелия Николаева, 5а кылаас
Дойдум кэрэ айылҕата,
Сибиэһэйиин да эбитин,
Тааттам барахсаныым,
Кэрэтиин да эбитин!
Сарсыарда эрдэлээн,
Эбээм алаадьытын
Сытыттан уһугуннум!
Үөмэр-чүөмэр үктэнэн,
Үөрэ-дьүөрэ түһэрэн,
Үөрэ-көтө турдум дии!
Денис Аввакумов 5а кылаас
Дэриэбинэ уолабын,
Дойдубун туойабын,
Тымныыны тулуйабын,
Остуоруйаны истэбин,
Эбэккэбин ахтабын.
Ева Потапова, 5а кылаас
Төрөөбүт дойдубар тапталбын
Хаһан да таҥнарыам суоҕа,
Күп-күөх мутукча тылларын
Хайдах да тылынан эппэппин.
Андрей Наумов, 5а кылаас
Мин хаамар сирим
Айылҕа хаамыыта,
Мин көрөр күөлүм
Далай уу эргиирэ.
Мин тыынар салгыным
Ардах, хаар аргыстаах,
Мин түһүүр түүлүм
Ытык ыраас күөллээх.
Алеша Сысолятин, 5а кылаас
Наммара уулусса устунан
Бастакы киэҥ хардыыны
Олохпор тута оҥорбутум.
Сэттэ сыл сайын устата
Соҕотох сылдьар бэйэм
Түбүгүм элбии түспүтэ.
Антон Большаков, 5а кылаас
Киһи өйүнэн кэмнэнэр,
Үрүҥ-хара сурааһыннар,
Киһи быһыйынан биллэр
Туора-маары сурааһыннар.
Аделия Апросимова, 5а кылаас
Хаһыс сылбын олоробун?
Ханнык күммүн ордоробун?
Хантан кэлэн түспүппүнүй?
Ханнык кэмҥэ баарбыный?
Саяна Никонова, 5а кылаас
Мин дойдум мэлдьи баар
Дьоһун Дьохсоҕон сирэ,
Титиик кэтэҕэр кытара
Кыһыл хаптаҕас үүнэрэ.
Сандаара — Оксана Андросова