Тохсунньу 26-27 күннэригэр Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгэр мас тардыһыытыгар оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи II аһаҕас турнир буолан ааста.
Сахабыт сирин араас улуустарыттан 200-тэн тахса мадьыны кэлэн күөн көрүстэ. Быйылгы турнирга уолаттар эрэ буолбакка, кыргыттар эмиэ күрэхтэстилэр.
Чурапчы улууһун Дириҥ агро-орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ Альмира Макарцова мас тардыһыытынан 2022 сыл ахсынньытыттан дьарыктанан саҕалаабыт. Биир эрэ сыл дьарыктаммыт киһиэхэ спорт бу көрүҥүн албастарын баһылаабыт диэн көрдүм.
– Мин бу күрэхтэһиигэ туох баарбынан киирсэ сылдьабын. Олус тыҥааһыннаахтык ыытылла турар. Күүстээх күрэхтэһээччилэр кэлбиттэр. Мин санаабар, мас тардыһыытынан дьарыктанарга тулуур, кыах, сыалы-соругу туруоруу элбэҕи быһаарар. Сыаллаах-соруктаах киһи элбэҕи ситиһэр, – диэн Алина санаатын үллэстэр.
Оттон Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгиттэн сылдьар Туяра Клиновская спорт бу көрүҥүнэн иккис сылын дьарыктанар.
– Икки сыллаах дьарыкпын барытын туһанан, туох кыахтаахпынан күрэхтэстим. Күрэхтэһэр кэмҥэ санааҕын түһэрэрин сатаммат. Кыайыы тута бастакы күрэхтэһииттэн кэлбэт. Ол иһин тохтообокко, бэриммэккэ салгыы дьарыктанан иһиэххэ наада, – диэн этэр Туяра.
Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээт иитиллээччитэ Марианна Ушницкая: «Хас биирдии киһиэхэ, спортсмеҥҥа доруобуйата саамай наадалаах. Ол иһин киһи бэйэтин көрүнэн, доруобуйатын харыстаан дьарыктаныан наада. Спорт кыайыы эрэ туһугар диэн буолбакка, киһи эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдарыгар туһалаах», – диэн этэр.
Мин көрсөн кэпсэппит кыргыттарым 58 кг Альмира Макарцова бастакы, Туяра Климовская иккис, Марианна Ушницкая үһүс миэстэни ыланнар, дойдуларыгар мэтээллээх төнүннүлэр. Дьарык түмүгэ ситиһиилээх буолбутунан кыргыттарга эҕэрдэбин тиэрдэбин.
Олеся ОРЛОВА, XI кылаас,
С. Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы
Иванна Николаева хаартыскаҕа түһэриилэрэ