Дэбдиргэҕэ Лена, Егор Марковтар кус иитэллэр. Ону көрө, иккис уонна төрдүс кылаас үөрэнээччилэрэ баран кэллилэр.
Хаһаайка кустар туһунан бэрт сэргэхтик кэпсээтэ. Дэбдиргэ күөлүн кытыытыгар тэпилииссэ туруоран, барыта 8 куһу иитэллэр эбит. Тэпилииссэ иһигэр чардааттаах. Ууга киирэн усталлар, кытыыга тахсан аһыыллар.
Кылаас оҕолоро хас биирдии куска аат толкуйдаан иҥэрдилэр. Аһынан-үөлүнэн көмөлөһөргө быһаарыннылар.
Гизелла Попова,
педагог-библиотекарь.
Игидэй, Таатта.