- Дьиэҕэр соҕотох олорон чуҥкуйдаххына…
- … доҕотторгор эрийэн: «Ханна эмэ күүлэйдии эбэтэр дьарыктана барыаххайыҥ эрэ», — диэн көҕүлүүгүн, сынньалаҥы тэрийэҕин —7.
- Ким туох былааннааҕын сураһаҕын — 5.
- Ким эмэ бэйэтэ биллэрин, ханна эмэ ыҥырарын кэтэһэҕин — 1.
- Биэчэргэ бараргар, таҥаскын хайдах талаҕын?
- Бэйэҕэр барсары кэтэҕин — 7.
- Ким тугу кэтэрин ыйыталаһан баран, биирдэ быһаарынаҕын —5
- Доҕотторгуттан сүбэлэттэрэҕин — 3.
- Учууталгыт уруогар 15 мүнүүтэ хойутаабыт. Онуоха эн…
- … күрүүргэ этии киллэрэҕин —7.
- … ким эмэ: «Айка, барыаххайыҥ», — диирин кэтэһэн олороҕун — 5.
- кылаастан бары хомунан тахсалларын көһүтэҕин — 3.
- Эһиги хампаанньаҕытыгар саҥа киһи киирбит. Онуоха эн….
- сөбүлээбэккин биллэрэн, туората сатыыгын — 7.
- тугун-ханныгын, кимин-тугун «чинчийэҕин», тургутан көрөҕүн — 5.
- үөрэ-көтө көрсөҕүн. Элбэх буолар туох куһаҕаннаах үһү? Хата, атыттар куттанан киэптиэ суохтара —3.
6. Туохтан ордук дуоһуйуоххунуй?
- Көрүдьүөстэри кэпсииргиттэн, дьону күллэрэргиттэн —7.
- Дьээбэлэнэргиттэн, хаадьылаһаргыттан —5
- Көрү-нары туораттан көрөргүттэн — 3.
***
29-35. Эн лидер буоларга айылҕаттан ананан төрөөбүккүн. Барылар ын абылыыр айылгылааххын, салайар, түмэр, тэрийэр дьоҕурдааххын. Ол иһин эн тылгын истэллэр, сүбэлэттэрэллэр. Суох буоллаххына, кылааһыҥ оҕолоро улаханнык суохтууллар. Ол гынан баран, ити баһылыыр-көҕүлүүр талааҥҥын дьону солуута суох соруйарга, дьаһайарга, хамаандалыырга туһаныма. Оннук киэптээтэххинэ, сотору кэминэн ким да эйигин аанньа ахтыбат буолуоҕа.
22-28. Эн бэйэҥ иннигин көрүнэр, санааҕын толлубакка этэр, соруммуккун ситиһэр киһигин. Хаһан баҕарар сөптөөх быһаарыныыны ылынар буолаҥҥын, доҕотторуҥ ортолоругар аптарытыаттааххын, «ыйааһыннаах» тыллааххын. Ол эрээри, хаһан да «мин аҕай» дэммэккин, болҕомто киинигэр сылдьарга дураһыйбаккын. Ыксал тирээтэҕинэ эрэ кыаххын көрдөрөҕүн. Дьиҥэр, арыый көхтөөх буоларыҥ ордук. Тоҕо диэтэххэ, эйигиттэн сатабыллаах салайааччы тахсар чинчилээх.
15-21. Эн киһи туох дииринэн сылдьар, сабыдыалга түргэнник бэринэр, тус санаата суох киһигин. Оннук буолар соччото суох. Куһаҕан дьаллыктаах дьон дьайыыларыгар киирэн бириэххин, онно-манна түбэһэн хаалыаххын сөп. Хайа, уонна аҕыйах сылынан дьоҥҥуттан тэйэн, ыраах үөрэнэ барыаҥ дии. Онно бэйэҕин бэйэҥ көрүнэ, инигин быһаарса сылдьыахтааххын. Ол иһин арыый быһаарыылаах, сытыы-хотуу, тус толкуйдаах буоларга кыһалын.