Сэтинньи 24 күнүгэр «Проба Пера» эдкордара Майаҕа буолбут улуустааҕы эдэр кэрэспэндьиэннэр семинардарыгар сырыттыбыт. Бастаан иккиэ буолан тиийэн баран, оҕолору кытта хамаандаҕа арахсан оонньообуппут уонна билсиспиппит. Ол кэнниттэн ыҥырыылаах медиаҕа сыһыаннаах ыалдьыттартан үөрэммиппит.
«Эркээйи» хаһыат шеф-редактора Марфа Ивановна сүбэлэрэ манныктар этэ: ыстатыйа аһара уһун буолуо суохтаах, барытын кылгастык уонна чуолкайдык суруйуохтаахпыт; интервью ыларга дьону күүскүнэн уһулуо суохтааххын, ылыан иннинэ ыйытыыларгын бэлэмниэхтээххин, ылар киһиҥ туһунан информация билиэхтээххин.
Алтан оскуолатын дириэктэрэ Посельскай Степан Степанович сүбэлэрэ: суруналыыс буоларга саамай ирдэбиллээҕэ сыыһата суох суруйааһын, элбэх кинигэ ааҕыахха наада; улахан болҕомтону ыйстатыйа аатыгар ууруохтаахххын, аат киһи интириэһин тардыахтаах; сурутааччылары элбэтэргэ эсклюзивнай контент уонна бастакынан таһаарыахха наада.
Уонна СММ-менеджер Лия Сарыаловна Шарина, хайдах видео уһуларга, ханнык сыһыарыылары туттарга үөрэттэ: үчүгэй төлөпүөн наада, уһулуоххут иннинэ телефоҥҥут камератын хайаан даҕаны сотоҕут; күнүскү сырдык халлаан сырдыга быдан ордук диэн сүбэлээтэ.
Эбиэттээн баран, оҕолор 5 хамаанданан арахсан, музыкальнай оскуолаҕа, библиотекаҕа, тыйаатырга, «Кэскил» киинигэр, түмэлгэ баран, видеорепортаж уһулбуппут. Барыта 18 оскуолаттан 34 үөрэнээччи уонна 16 салайааччы баара.
Мин бэйэм хамаандам «Эдэр ыччат» диэн буолбуппут. Видеорепортажпытын музыкальнай оскуолаҕа уһулбуппут. Оҕолор бары көхтөөх кыттыыны ылбыттара. Саамай сөбүлээбитим диэн, элбэххэ үөрэнним уонна элбэх саҥа доҕордоннум.
Азиза Копырина, 10 кылаас
Практическай семинары улуустааҕы «Ай-түмэл» медиа киин специалиһа Айыына Семеновна Матчитова тэрийэн ыытта. Спикердарбыт биһиэхэ олус элбэҕи кэпсээтилэр, сүбэлээтилэр.
Бары оҕолору хамаандаҕа наардаан, тэрилтэлэри анаабыттара, онно баран биһиги интервью ылан кэлбиппит уонна монтажтаабыппыт. Барыта 5 хамаанда баара. Биһиги «Кустук» хамаандабытыгар сэттиэ этибит: түөрт кыыс, үс уол. Биһиэхэ краеведческай түмэл түбэспитэ. Билсибиппит, үчүгэйдик үлэлээбиппит. Күлэн-үөрэн, олус интэриэһинэй күн буолан ааста. Юнкордар бары бэйэ-бэйэбитин кытта доҕордостубут уонна элбэҕи билэн тарҕастыбыт дии саныыбын.
Ангелена Федорова, 8 кылаас
Олус үчүгэй тэрээһин буолан ааста дии саныыбын. Элбэҕи билиэхтэрин, элбэххэ үөрэниэхтэрин баҕарар талааннаах уонна интэриэстээх оҕолор кэлбиттэр. Практическай үлэбит эмиэ сүрдээх үчүгэйдик ааста. Мин «Мохсоҕоллор» хамаандаҕа баарым. Библиотекаҕа тиийбиппитигэр үлэһиттэр биһиги кэлэрбитигэр бэлэмнэммиттэр этэ, ол иһин экскурсияҕа сылдьар курдук санаммыппыт. Бэйэлэрин үлэлэрин туһунан сиһилии барытын олус интэриэһинэйдик кэпсээбиттэрэ.
Сайаана Захарова, 11 кылаас
Олус үчүгэй, кэрэхсибиллээх күн буолан ааста. Элбэх оҕону кытта билистим уонна сүрүнэ — элбэххэ үөрэнним. Биһиги хамаанда «Кэскил» кииҥҥэ сылдьыбыппыт. Манна алын кылаас оҕолоро үөрэхтэрин кэннэ кэлэн, дьарыктана олорор этилэр. Мин бу практическай чааска камераны хайдах сөпкө тутан устарга, микрофонунан туттарга үөрэнним. Оҕолортон интервью ыллым. Кэрэспэдьиэн эрдэттэн барытын былааннаан, бэлэмнэнэн баран, интервью ылыахтаах эбит диэни өйдөөтүм. Монтажер уолбут Еремей Матчитов көмпүүтэргэ хайдах таҥарын көрбүтүм. Хамаандалар бары видеороликтарын көрбүппүт, кинилэртэн эмиэ үөрэммиппит.
Романова Настя, 8 кылаас
Практическай чааһыгар видеоролик оҥоруохтаах этибит. Хамаандабытын «Первые» диэн ааттаабыппыт. Биһиги Д.Ф. Ходулов аатынан норуот тайыытырын сырдатыахтаах этибит. Тыйаатыр режиссерун Данил Осиповы көрсөн, интервью биэрэригэр көрдөспүппүт. Кини биһиэхэ видеороликпытын барытын былааннаан, тугу, хайдах устарбытын сүбэлээн биэрбитэ. Бу күн мин элбэх саҥа оҕолору кытта билистим. Туһалаах семинар ааста.
Алёна Прокопьева, 8 кылаас
М.К. Попова аатынан музыкальнай оскуоланы көрдүм. Семинарга сылдьан камераҕа ханнык балаһыанньаттан туран устары биллим. Интервьюга ханнык ыйытыылары биэрэри, таҥыы хайдах оҥорору көрдүм. Оҕолору кытта билистим, хамаанданан олус үчүгэйдик үлэлээтибит. Маннык үөрэхтэр өссө да буола турдуннар.
Галя Федорова, 7 кылаас
«Проба пера» эдэр кэрэспэдьиэннэрэ,Чыамайыкы, Мэҥэ Хаҥалас.