Александр Николаевич Михайлов ааптардаах олус үчүгэй кинигэ биһирэмэ Ытык-Күөл киин библиотекатыгар буолан ааста.
Тэрээһини библиотека сүрүн үлэһитэ Заболоцкая Уистинья Ивановна иилээн-саҕалаан ыытта.
Кинигэ биһирэмигэр ыраахтан-чугастан олус элбэх киһи түмсэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн туран кыттыыны ыллылар.
Бука бары кинигэ тахсыбытыттан үөрбүттэрэ, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ сүрдээх.
Кинигэ баай историятын тула, оччотооҕу кэми сэгэтэн, истиҥ -иһирэх кэпсэтии таҕыста. Таатта улууһун краеведтарын түмсүүтэ сүрдээх көхтөөхтүк үлэлиир, олор үлэлэрин ортотугар А.Н. Михайлов биир дьоһун үлэтэ үрдүктүк сыаналанна.
Кинигэ кээмэйэ улахан, материала элбэх, олус үчүгэй хаартыскалардаах, таһа киһи болҕомтотун тардар. Улуу Оруоһуттар духовность, үөрэх, төрөөбүт тыл сайдыытыгар киллэрбит кылааттара үрдүктүк сыаналанна, норуот киэҥ билиитигэр таҕыста. Үйэлэргэ сүппэт үрдүк кылаат буолан бу кинигэ күн сирин көрдө.
Быйыл Игидэй нэһилиэгэ тылга, норуот тылынан уус-уран айымньытыгар сыһыаннаах икки улахан үбүлүөйү көрсөр өрөгөйдөөх сыла.
Ол курдук, лингвист, этнограф, фольклорист, академик Э.К. Пекарскай төрөөбүтэ 165 сылын өрө көтөҕүллэн туран бэлиэтээтибит, аны бу сылга «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону аан бастаан сурукка тиспит К.Г. Оросин төрөөбүтэ 165 сылын көрсө дьоһун бэлэх буолан «Улуу Оруоһуттар» кинигэ бэчээттэнэн таҕыста.
Кинигэ биһирэмин сүдү ыалдьытынан буолла 92 саастаах Жараф Агапитович Оросин. «Бородино» хоһоону өйүттэн ааҕан үөртэ да, сөхтөрдө да.
Варвара Ефимова