Анаабыр улууһун Сааскылаах нэһилиэгэ төһө да уһук хоту сыттар бэйэтин кэрэ, ураты көстүүтүнэн дьон-сэргэ болҕомтотун куруук тардар.
Биһиги нэһилиэкпитигэр олохсуйан олорор интернациональнай дьиэ кэргэн элбэх. Кинилэртэн биирдэстэрэ Стропша дьиэ кэргэттэрэ буолар. Ыал аҕатын Константин Васильевыһы, кини кыыһын Сааскылаах орто оскуолатын VII «А» кылааһын үөрэнээччитин Стропша Настялыын олус истиҥник олорон кэпсэттибит, элбэҕи биллибит.
– Үтүө күнүнэн! Константин Васильевич, төрүччүгүт туһунан кылгастык билиһиннэриҥ эрэ.
– Аҕам Василий Константинович Стропша Молдавия Кишинев куоратыттан төрүттээх. Ийэм Оксана Васильевна омугунан долган. Үрүҥ Хайа бөһүөлэгэр Хара Тумус диэн сиргэ төрөөбүтэ. Аҕам армия кэнниттэн Германияҕа анал байыаннай чааска сулууспалаабыта. Кини БАМ тутуутугар үлэлээбитэ. Иркутскай уобаласка сылдьан, хоту үлэлии барарга быһаарынан, Саха сиригэр кэлбит. Маҥнай Эдьигээҥҥэ, Өлөөҥҥө үлэлиир, онтон Сааскылаахха ананан кэлэр. Ыал буолан, Анаабырга олохсуйар.
– Константин Васильевич, бэйэҥ дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Мин кэргэмминээн Октябрина Александровналыын үс оҕолоохпут. Настя улахан кыыспыт. Дьиэ кыылларын сөбүлээн иитэбит. Ол курдук, икки ыттаахпыт, кууруссалаахпыт. Эһээбит сылгыларын көрсөбүт. Хоту сир кылгас сайынын аахсыбакка, оҕуруот аһын арааһын олордобут. Настя аквариум балыктарын сөбүлээн иитэр. Мин бултуубун, балыктыыбын. Ийэбит урбаанньыт. Отоннуурун, быысапкалыырын сөбүлүүр, хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктанар.
– Сааскылаах эһиги олоххотугар оруола?
– Биһиги Сааскылаахпытын олус таптыыбыт. Сааскылаах ураты кэрэ айылҕата, Анаабыр эбэбит ыраас уута, киэҥ нэлэмэн туундарата – бу барыта биһиги дьиэбит буолар.
– Константин Васильевич, дьиэ кэргэҥҥитигэр туох үгэстээххитий?
– Төрөппүттэрбититтэн иҥэринэн илдьэ хаалбыт үгэстэрбитин төһө кыалларынан оҕолорбутугар тиэрдэбит. Саас, сайын аайы балыктыыбыт, айылҕаҕа сылдьабыт, кутаа уотугар ас астанабыт. Сыл аайы дьиэбитигэр биир сиргэ бэйэбит уонна оҕолорбут төһө улааппыттарын мээрэйдээн бэлиэтиибит.
– Настя, дьиэҕитигэр ханнык тылынан кэпсэтэҕит?
– Дьиэбитигэр нууччалыы уонна сахалыы тыллары тэҥҥэ тутабыт, икки тылынан тэҥник кэпсэтэбит.
– Настя, эһээҥ төрөөбүт дойдутун туһунан туох өйдөбүллээххиний?
– Мин 8 саастаахпар, 2017 сыллаахха, дьиэ кэргэммин кытта Молдавияҕа Кишинёв куоракка бара сылдьыбытым. Наһаа итии дойду этэ. Ону өйдөөн хаалбыппын. Эһээм аймахтарыгар сылдьан, малина бөҕөтүн дуоһуйа амсайбыппын умнубаппын. Кустары-хаастары бүөбэйдээбитим. Наһаа үчүгэй өйдөбүллээхпин.
– Константин Васильевич, Настя¸ хоруйдаргыт иһин махтанабын. Эһиги дьиэ кэргэҥҥит норуоттар доҕордоһууларын, сомоҕолоһууларын холобура буолар диэн этэн тураммын, ис сүрэхпиттэн дьолу-соргуну баҕарабын.
Кира АНДРОСОВА, Настя СТРОПША,
VII «А» кылаас, Сааскылаах орто оскуолата, Анаабыр.