[vc_row][vc_column][vc_column_text]Валентина Слепцова
: @valya_sleptsova[/vc_column_text][vc_column_text]Доҕорум, дорообо!
Эйиэхэ анаан сурукпун саҕалыым. Бүтэһигэр диэри болҕойон ааҕыаҥ диэн эрэнэбин.
Бүгүн киэһэ туох эмэ минньигэһи сиэхпин баҕаран, бурдук ас астыырга сананным. Кэргэммин кэтэһэ таарыйа, тиэстэбин охсон, оргуйбут арыыга хобуораспын ыһаарылаабытынан бардым. Хобуораһы билэриҥ буолуо дии? Нууччалыыта “хворост” диэн. Дьиэм иһэ сыыйа-бааҋа буспут ас минньигэс да минньигэс сытынан туолла. Бу сыты кытта тэҥҥэ сүрэхпэр туох эрэ сылаас санаалар кутуллан киирдилэр…
Харахпар төрөөбүт дьиэм барахсан төгүрүк остуола көстөн кэллэ. Дьэрэкээн сабыылаах остуолга элбиих-элбэх хобуорастар кэчигирэһэ сыталлар. Ийэм барахсан, сэргэхтик тугу эрэ кэпсии-кэпсии, тиэстэ тэнитэ турара көһүннэ. Эһээбит оҥорбут мас ыскамыайкатыгар биһиги оҕолор төкүнүччү олоробут. Ийэбит кэпсээнин сэргээн, бары өрөйүү-чөрөйүү бөҕөбүт. Ким тугу сатыырынан ийэбитигэр көмөлөһөбүт, илии-атах буолабыт. Балтыларым ол быыһыгар “Ким түргэнник оҥорор эбитий?” диэн куоталаһан эҥин ылаллар. Кыра бырааппыт да хаалсыбат: ийэбит анаан быһан биэрбит тиэстэтинэн бэйэтин курдук кырачаан хобуорастары субуруппут аҕай, чукурук.
Үлэбит быыһыгар элбиих-элбэҕи ырытыһабыт: айылҕа дьиктилэрин, кэрэ көстүүлэрин, сахалар былыр хайдах олорбуттарын, арыгы буортутун, экология араас боппуруостарын таарыйабыт. Ийэбит хас биирдии кэпсээнэ биһигини олус да толкуйдатар, умсугутар. Бириэмэбит биллибэккэ ааһар. Сотору кэминэн: «Хайа, ас буста дуо?» — диэбитинэн, аҕалаах быраатым киирэн кэлэллэр. Аҕабыт биһиги диэки үөрбүт харахтарынан көрө-көрө: «Ок-сиэ, бүгүн хобуорас даа? Ньиэ, кыргыттар улаатан, илии-атах буолан. Ээ, биһиги эһээхэйбит да хаалсыбат, баһаамы оҥорбут дии!»— диэт, кырачаанын оройуттан сып курдук сыллаан ылар. Улахан быраатым оттомуран, аҕатын кытта тэбис-тэҥҥэ үлэлиир-хамныыр буолбутун көрөн, испэр үөрэ, киэн тутта саныыбын. Ол курдук, бука бары төкүнүк остуолбут тула олорон, сылаас чэйдээх хобуораспытын күлэ-үөрэ амсайабыт…
Хобуорас сыта… Дьиэ кэргэним биир үтүө күнүн долгута санатта… Ахтыбыт да эбиппин дьоммун, ийэбин, аҕабын. Төһө даҕаны сотору-сотору көрүстэрбит, ардыгар күннээҕи олох түбүгүн быыһыгар ахтылҕаммытын ситэри таһаарбат курдукпут. Билигин бука бары улаатан, оҕолор туспа буруо таһаараммыт, бары бииргэ мустар күннэрбит саамай күндүлэр.
Хобуораспын астыы олорон саныыбын: субу билигин дьоллоохтук үөрэ-көтө олорорбор, олоҕу сырдык өҥүнэн көрөрбөр төрөппүттэрим барахсаттар оруоллара сүҥкэн улахан. Кинилэр төһөлөөх элбэх сыраларын, кыһамньыларын, тапталларын анаабыттара буолуой? Холобур оҥостор күндү дьоммун ис-испиттэн харыстыы, тапталбынан көмүскүү, өрүү үөрдэ эрэ сылдьыахпын баҕардым.
Уһуннук толкуйдуу барбакка, ийэлээх аҕабар илдьит сурук (сообщение) суруйдум. Сүрэхпэр баар үтүө тылларбын, махталы кытта ыраас тапталбын анаатым.
Күндү доҕорум, бу суругу тиһэҕэр диэри аахпыт буоллаххына, эн эмиэ биллиҥ дии, тугу гынаргын билигин? Оннук, төрөппүттэргэр, чугас дьоҥҥор махтанан, таптал тылларын суруйан ыыттаххына, төһөлөөх үөрүө, дьоллонуо этилэр? Кытаатыах, чугас дьоммутун дьоллуох![/vc_column_text][/vc_column][/vc_row]
1
Дьоммун ахтыбыт да эбиппин… Махтал истиҥ тылларын иһин !