Учуутал үлэтэ уустук, ол эрээри үтүө түмүктээх. Төрөппүт, учуутал ситимнээх үлэтин түмүгэр оҕолорбут киэҥ билиилээх, сайдыылаах, киһилии киһи буолан тахсаллар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл бастыҥ учуутала» куонкурус кыттыылаахтара «Мысли проявляй словами» тэрээһиҥҥэ төрөппүттэргэ аналлаах цитаталары толкуйдаатылар. Бу бэргэн этиилэр дьиэ кэргэн истиҥ эйгэтин, оҕону үлэнэн иитии, хас биирдии күҥҥэ махталлаах буолуу өйдөбүллэрин тириэрдэллэр.
«Төрүттэриҥ күүһэ үрдүккэ көтүтүө».
«Бары бииргэ үтүө киһини иитиэххэ».
«Үтүөнү, үйэлээҕи үлэҕэ иитиэххэ».
«Дьиэ кэргэн эйэлээх эйгэтэ – инникигэ эрэл».
«Бүгүҥҥү күммэр махтал, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэл».
Күндү учууталлары идэлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибит! Айымньылаах үлэни, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабыт.
keskil14.ru