Биһиги нэһилиэкпит баһылыга Тарас Лукич Тарасов өрөспүүбүлүкэҕэ Тускул диэн аатынан күнү-дьылы билгэлээччинэн биллэр. Онон Тарас Лукиһы кытта сэһэргэһиибин кини бу дьикти дьарыгын туһунан кэпсээбитититтэн саҕалыыбын.
– Тарас Лукич, күнү-дьылы кэтээн көрөр дьарыккын хаһан саҕалаабыккыный? Бу куйаар киэлитин хайдах анааран көрөҕүн?
– Бу дьарыкпын саҕалаабытым олус ыраатта. Маҥнай кыра дьарык курдук саҕалаан баран, 2000 сыллартан утумнаахтык дьарыктанан барбытым. Айылҕаны этэр диэн олус уустук боппуруос. Киһи бэйэтин-бэйэтэ дьарыктыыр үлэтэ. Элбэх матырыйаалы хомуйан, тохтообокко эрэ дьаныһан туран дьарыктанар буоллаххына, түмүгү ситиһэҕин уонна билэҕин.
Күнү-дьылы билгэлээһин биһиги өбүгэлэрбитигэр баар этэ. Өбүгэлэрбит утуйаары сытан: “Оо дьэ, сарсын тымныы буолар буолбут. Чолбон оннугар тиийбит, ыйбыт ырааһырбыт, үргэл онно барбыт”, – диэн сулустарынан көрөн барытын быһаараллар эбит. Норуот билгэтэ диэн баар. Ол туох да прибора суох өйдөрүнэн-санааларынан, сулустарынан, тыалынан, айылҕа хаамыытынан бэйэлэрэ билэллэр этэ. Мин эмиэ онно сиэттэрэн уонна Интернет көрдөрүүлэринэн туһанабын. Былыргы үгэстэргэ, ону ааһан бэйэм хомуйбут матырыйаалбар олоҕуран оҥорон таһаарабын. Күн-ый, сир биһиги арахсыспат спутниктарбыт, аргыстарбыт буолаллар. Сулустар, спутниктар хаамыыларынан киһи күнү-дьылы быһаарыан сөп эбит. Күн-дьыл хаамыытын туһунан өрөспүүбүлүкэҕэ араадьыйанан уонна тэлэбидиэнньэнэн ситимнээхтик кэпсиибин.
– Кэпсэтиибит сүнньүгэр киириэххэ. Хайахсыт нэһилиэгэр дьон олохсуйуута хайдаҕый диэн көрөҕүнүй?
– Билиҥҥи туругунан, Хайахсыппыт нэһилиэгэр 536 киһи олорор. Хаһаайыстыбаннай кинигэҕэ киирбитинэн барыта 136 дьиэ кэргэн баар. Оскуола саастаах үөрэнээччи – 84, оҕо саадын иитиллээччитэ – 40. Хас биирдии нэһилиэккэ буоларын курдук бэтэрээн дьоммут күн-дьыл аҕыйаан иһэллэр. Ол курдук нэһилиэкпитигэр билигин сэрии бэтэрээнэ суох, уону иһинэн ааҕыллар тыыл бэтэрээннэрэ бааллар. Нэһилиэкпитигэр ыччат саастаах дьон ахсаана ортотунан 50-тан тахса. Пенсияҕа тахсыбыт саастаах дьоммут ахсаана 121 киһи. Оскуола оҕолорун уонна ыччаттары ылан көрдөххө, барыта 200-тэн тахса. Нэһилиэккэ ыччат ахсаана аҕам састаах дьон ахсаанын баһыйар буоллаҕына, ол нэһилиэк инникилээх, сайдар кыахтаах. Онон элбэх ыччаттаах нэһилиэк буоларбытынан былааммыт, сорукпут киэҥ хайысхалаах диэн үөрэ-көтө этэр кыахтаахпын.
– Тарас Лукич, нэһилиэкпит историятын, былыр туох дьон олорон ааспыттарын туһунан кэпсэтэ түһүөххэ эрэ.
– Ханнык баҕарар сиргэ, ханна да тиийдэххэ, киһи нэһилиэк историятын, бүгүҥҥү күнүн кытта билсиһиитэ, бу нэһилиэккэ төрөөн-үөскээн ааспыт улуу дьоннорун кытта ситимнэнэр. Ол курдук биһиги өбүгэлэрбитин ырытар буоллахпытына, Бырадааһап ойуун диэн номоххо киирбит улахан ойууннаахпыт. Илин эҥэргэ бары билэллэр. Кэнники сурукка түспүтүнэн олус күүстээх, айылҕаттан айдарыллаах ойуун быһыытынан биллэр. Ону таһынан муоһунан уһанар Тараахчыт оҕонньор диэн олорбута. Кини сэлии муоһунан тараах, ону тэҥэ сувенир оҥорор дьарыктааҕа. Биир сувенира Сталиҥҥа Саха сирин аатыттан бэлэх буолан тиийбитэ, ол иһин Сталинтан махтал суруктаах биир бастыҥ ууспут буолар.
Хайахсыт Саха сиригэр киэҥник биллэр биир дойдулаахпыт улуу олоҥхоһут Иннокентий Гурьевич Тимофеев-Теплоухов төрөөбүт, олорбут сирэ-дойдута буолар. Киэҥник биллибит олоҥхото “Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур” айымньыта билигин даҕаны киэҥ эйгэҕэ толоруллар, туруоруллар сүдү айымньы. Иннокентий Гурьевич албан аатын үйэтитэн араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. 2019 сыллаахха төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах улахан ыһыах ыытыллыбыта. Бу кэлэр сылга 155 сылын көрсө тэрээһин үлэлэрэ күн бүгүн ыытылла тураллар. Эһиил сайын улахан олоҥхо ыһыаҕа буолар.
Өссө биир биллэр киэн туттар киһибит – Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бастакы бэрэссэдээтэлэ Афанасий Петрович Илларионов. Кини Саха сирин Конституциятын оҥорсубутунан киэн туттабыт. Афанасий Петрович бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл эрэ буолбакка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай юриһа, талааннаах поэт, тылбаасчыт, мелодист этэ. Хас даҕаны хоһооно ырыа буолбута.
Кэнники көлүөнэлэргэ Хайахсыт элбэх спортсменынан биллэр этэ. Алексей Данилович Евграфов диэн хайыһарга өрөспүүбүлүкэҕэ 17 төгүллээх чемпион. Афанасий Петрович Илларионов-Сүүрүк Оппуонньа диэн марафонец Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар олорор, сүүрүүгэ өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр киһи. Дмитрий Дмитриевич Эверстов атах оонньуутугар чемпион. Павел Федорович Митин эмиэ киэҥник биллэр спортсмен.
Саха сиригэр биир бастакы идэтийбит чабырҕахсыт, суруйааччы Мария Андреевна Герасимова-Сэҥээрэ эмиэ биһиги дойду. Биһиэхэ айар куттаах дьоммут олус элбэхтэр.
Бу курдук ханнык баҕарар дойду ааттаах-суоллаах дьонунан биллэр.
– Тарас Лукич, биһиги нэһилиэкпитигэр сыспай сиэллээх, хороҕор муостаах ахсаана төһөнүй?
– Быйылгы туругунан, сүөһүбүт ахсаана 946 төбөҕө тэҥнэстэ, мантан чааһынайа 593, онтон бааһынай хаһаайыстыбаҕа 353 сүөһү иитиллэр. Балартан ыанньыга – 289.
Быйыл өҥ дьыл туран, үүппүт былаанын таһынан толорон, 104% тиэрдэн олоробут. Былааны толорууга улуус үрдүнэн үһүс миэстэҕэ таҕыстыбыт. Бу биһиги бааһынайдарбыт ситиһиилэрэ буолар. Сүөһүбүт ахсаанын тутан олорор буоламмыт маннык көрдөрүүнү ситистибит. Быйыл оппутугар эмиэ үчүгэйбит, оппут былаанын быраһыана 98%-ҥа тахсан турар. 1786 тоннаны оттоотубут. Маны таһынан биһиги нэһилиэк элбэх сылгылааҕынан биллэр. Сылгыбыт ахсаана 901 төбө, ол иһиттэн 491 биэлээхпит.
– Кэнники биэс сылга биһиги нэһилиэкпит саамай улахан ситиһиитэ Эн санааҕар, тугуй?
– Хаһан баҕарар сайдыы уотунан, суолунан, гааһынан биллэр. Биһиэхэ биир улахан ситиһиибитинэн газ ситимэ кэлбитэ буолар. Нэһилиэк олоҕо тупсарыгар, чэпчииригэр бу улахан суолталаах. Иккис улахан ситиһиибит – оскуола-сад тутуллуута. Биир үөрүүлээҕэ диэн бу баараҕай, сылаас тутууну бэйэбит уолбут, нэһилиэкпит тумус туттар ыччата, аҕыйах хонуктааҕыта Ил Түмэҥҥэ депутатынан талыллыбыт Дмитрий Поисеев оҥорбута буолар. Онон нэһилиэкпит төрүт ыччаттара дойдубут сайдарын туһугар ылсан үлэлэһэллэрин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Үһүс улахан ситиһиибит – суолбут оҥоһуллуута. Суол оҥоһуллуутун үлэтин бастакы хардыылара ыытыллан, аукциоҥҥа тахсан “Саха Суол” диэн тутар тэрилтэ ылсан үлэтин саҕалаан эрэр. Уот, суол, газ баар буоллаҕына олох баар диэн буолар.
Өссө биир ситиһиибит – култуура дьиэтигэр “Алаһа” киинэ саалата аһылынна. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 29 киинэ саалата баар буоллаҕына, олортон биирдэрэ биһиэхэ Хайахсыкка баар. Былырыын култуура министиэристибэтэ ыыппыт куонкуруһугар кыттаммыт 1 200 000 сууммалаах үбү ылан, киинэ саалаланныбыт. Бу курдук олох тэтиминэн сайдан иһэбит.
– Онтон сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
– Бастакы улахан кыһалҕабыт – быраас боппуруоһа. Хаһыс да сылын бырааһа суох олоробут. Бу сүрүн кыһалҕа анал үлэлиир дьон толору хааччыллыылаах дьиэлэрэ суоҕуттан тахсар. Онон хаарбах дьиэттэн көһүү бырагырааммаҕа киирсэн үлэлэһэн эрэбит. Кэлэр сылларга уопсай тутуллара былааннанар. Бу олоххо киирдэҕинэ, үлэһиттэрбитин саҥа таас дьиэнэн хааччыйыахпыт.
Өссө “Многофунциональнай киин” тутуллар тэрээһин үлэлэрэ ыытылла тураллар. Маны таһынан нэһилиэк иһинээҕи суолу оҥотторуу, ыалларга толору хааччыллыыны киллэрии сүрүн быһаарар боппуруоспут буолар.
– Тарас Лукич,биһиги Хайасыт олохтоохторо буолан тураммыт, нэһилиэкпитигэр тугунан көмөлөһүөхпүтүн сөбүй?
– Урукку өттүгэр үлэ лааҕырдара миэстэтигэр үлэлээннэр, хардарыта көмө бөҕө оҥоһуллара. Билигин бу бачыым өрөспүүбүлүкэттэн күүскэ өйөбүллэнэн, оҕону үлэнэн иитии кэҥээтэр диэн көрөбүн. Бу маннык буолар түгэнигэр, көмө баһаам оҥоһуллуо буоллаҕа. Ити эрээри, билигин да истэн үөрэбин, нэһилиэкпит аҕа саастаах кырдьаҕастарыгар тимуровскай көмөлөрү ыытаргытын. Сыллата пааматынньыктар хаардарын ыраастааһыҥҥа өхтөөхтүк сылдьаргытын истэбин. Саастаах дьоҥҥо үтүө дьыаланы оҥоруу, киһиэхэ бэйэтигэр уон төгүл элбээн, эргиллэн кэлэр.
– Түмүккэ, Саха сирин оҕолоругар баҕа санааҥ?
– Оҕолорго баҕа санаам диэн – төрөөбүт төрүт тылы билии буолар. Хас биирдии саха оҕото төрөөбүт тылын үчүгэйдик билиэхтээх. Төрүт тылгын үчүгэйдик билэр буоллаххына, кэлэр олоххо кэскиллээх буолаҕын. Ийэ тылын баһылаабыт оҕо сахалыы муударайдык толкуйдуур кыахтанар. Маны таһынан атын омуктар тылларын судургутук ылынар, үөрэтэр сатабылланар. Бу оҕоҕо аан дойду аана куруук аһаҕас буолар, элбэҕи ситиһэр, кыайар. Итинник этэн тураммын хас биирддис аха оҕотугар алгыспын аныыбын.
Алгыс курдук
Амарах санааланын,
Эҕэрдэ курдук
Эйэҕэс сүрэхтэнин,
Кэнэҕэски ыччат кэпсээнэ,
Хойукку ыччат хоһооно,
Уол оҕо тойуга,
Кыыс оҕо ырыата буолуохтун.
Үйэлэртэн үйэлэргэ
Үөрүү-көтүү аргыстанын,
Уһун олоххут туругурдун,
Уруй туску буоллун!
Күнтэн көнтөскүтүн төлөрүтүмэн,
Ыйтан ыйааххытын ыһыктыман,
Чэгиэн буолун, чөл буолун.
Туску!
Интервьюну ылла уонна сурукка тистэ
Вика БОРИСОВА, XI кылаас, Хайахсыт, Чурапчы