Арассыыйа Аармыйатын кэккэтигэр сулууспалыы сылдьар Павел Солдатов бэлиэтээһиннэрэ
Бүгүн атырдьах ыйын 24 күнэ. Бэлиэтээһиннэрбин суруйбатаҕым 10 күн буолла. Уон күн иһигэр элбэх уларыйыы буолла. Чааспар баар икки саха уолаттарбын атын чааска ыллылар. Онон соҕотох саха хааллым. Уолаттарбын суохтаатым. Чуҥкуйдум аҕай.
Күн өрүү-өрүү караулга турабын. Күнү быһа соҕотох сылдьабын. Чааспар атын омук уолаттарын кытта сыһыаным үчүгэй. Кэпсэтэбит. Саха сирин туһунан ыйыталлар. Атын омук атын омук, сахалыы дуоһуйа кэпсэтэр курдук буолбатах.
Манна кэлиэхпиттэн ыла быстах-быстах утуйабын. Биирдэ эмит түһүүбүн. Хамнаспыт икки тыһыынча үс мөһөөк. Оруобуна ый онус чыыһылатыгар кэлэр.
***
Атырдьах ыйын 25 күнэ. Аармыйаҕа кэлбитим иккис ыйа буолан эрэр. Соҕотох саха буоламмын, соҕотохсуйуу диэн тугун биллим. Сахалыы кими да кытта кэпсэппэппин. Эбиитин бириэмэм улахан аҥаарын караулга соҕотох атаарабын. Киһиэхэ төрөөбүт тыла наһаа наадалааҕын, суолталааҕын өйдөөтүм. Аттыгар биир да саха суоҕа ыарахан буолар эбит. Кими да кытта дуоһуйа кэпсэппэккин. Сахалыы саҥарарбын, кэпсэтэрбин наһаа суохтаатым.
Сууккаҕа түөрт-биэс чаас утуйабыт. Хата, хас субуота, баскыһыанньа аайы эбиэт кэнниттэн аҕыйах чаас утуталлар.
Санаабар, бириэмэ эмиэ да түргэнник, эмиэ да бытааннык барар курдук. Ардыгар биир сиргэ тохтоон турар курдук. Аармыйаҕа кэлэн бараммын гражданкаҕа сылдьыбыт кэмнэрбин элбэхтик саныыр уонна сыаналыыр буоллум. Ол кэмҥэ бэйэм былааммынан ханна баҕарар сылдьыахпын сөп, хаһан да ким да ыйыытынан сылдьыам дии санаабат этим. Онтон аармыйаҕа барыта бириэмэнэн, чопчу ыйыынан, биир киһи хамсаныытынан сылдьаҕын. Ол да иһин буолуо, гражданкаҕа атаарбыт хас биирдии күммүн күндүтүк саныыр буоллум. Аармыйа кэнниттэн бука, бириэмэни улаханнык сыаналыыр киһи буоларым буолуо дии саныыбын.
Дойдубар баар табаарыстарбын аҕынным. Бириэмэ баран истэҕин аайы дойдубун ахтарым күүһүрэн иһэр. Дьоммун, дьиэбин, табаарыстарбын санаабатах күнүм буолуохтааҕар, чааһым да суох. «Тулуйуохха, сотору барыта ааһыа» диэн бэйэбин уоскутунабын.