Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр ыллыы үөрэниэн, музыка кэрэ эйгэтигэр холонуон баҕалаах оҕолорго, эдэр ыччакка анаан Семен Павлович Ченянов салайааччылаах «Arctic voice» студия тэтимнээхтик үлэлээтэ. Манна республика араас муннугуттан ыллыан баҕалаах оҕолор мустан үгүһү биллилэр-көрдүлэр. Үгүс кэнчээри ыччат талба талаанын арыйан сулустуу күлүмнэтэр уопуттаах продюсер Семён Павлович оҕолор куоластарыгар барсар ырыаны талан, утумнаахтык дьарыктаата. Студия үлэтин туһунан Семен Павлович уонна оҕолор санааларын бу курдук үллэстэллэр:
Семен Ченянов, продюсер:
— Сайыҥҥы интенсивка сылдьыбыт оҕолорго студия саҥа эдэр бырайыактара — AY-EN кыыс бөлөҕө, SNOW VOICE уол бөлөҕө ону таһынан саха эстрадатын артыыһа Умсуура оҕолору кытары көрсүһэн санаа үллэһиннилэр, маастар-кыласс көрдөрдүлэр, сүбэ-ама биэрдилэр. НВК «Саха» ханаал ыытааччыта, YAKUTIAN STARS entertainment арт-директора Лена Гагарина мастер кылааһыгар сырыттылар, сыанаҕа хайдах туттарга-хаптарга үөрэннилэр. Саргылана Карпова — ИМАНА бу 10 күн устата хореограбынан, тьютерынан үлэлээтэ. Оҕолорго ийэлии эйэҕэс сыһыанынан элбэҕи үөрэттэ, көрдөрдө. Оҕолор бука бары олус талааннаахтар, студияҕа дьарыктанан инникитин ырыаны кытта олохторун ситимниэхтэрэ, ситиһии кынаттаныахтара диэн эрэнэбин.
Настя Санникова, Уус-Яна улууһа:
— 17 саастаахпын, Тумат диэн бөһүөлэктэн төрүттээхпин. Ырыанан кыра эрдэхпиттэн дьарыктанабын, араас бэстибээллэргэ ситиһиилээхтик кыттабын. «Тумат» диэн ВИА бөлөххө 2018 сыллаахха киирбитим. Сайыҥҥы интенсивка элбэххэ үөрэнним. Сөпкө тыынарга, тэтимҥэ уонна музыканы истэр дьоҕурбун сайыннардым, ырыа ис туругун биллим, сыанаҕа туттарга-хаптарга үөрэнним. Миэхэ бу стажировка элбэҕи биэрдэ, инники былааннарбын кэҥэттэ, улахан ырыаһыт буолар баҕа санаабын бөҕөргөттө. Семен Павловичка ис сүрэхтэриттэн махталбын тиэрдэбин.
Никита Хабаров, Дьокуускай:
— Мин оскуолабар «Осколки радуги» диэн рок-бөлөх тэриммитим. Гитараҕа оонньуубун уонна ыллыыбын. Семен Павлович студиятыгар дьарыктаммыппыттан олус үөрэбин. Манна мин куоласпын таба туруоран ыллыырга үөрэнним. Уонна таһымнаах студияҕа уһулуннум. Инники ырыаларбын дьиэбэр устар этим. Студияҕа уһуллар чыҥха атын буолар эбит.
Мария Еремисова, Үөһээ Бүлүү:
-Мин Далыртан сылдьабын. Кыра эрдэхпиттэн музыканы сэҥээрэр, дьон ыллыырыгар ымсыырар этим. Кыратык кэлэҕэйдиир буолан, ыллыырбын кыбыстар этим. Семен Павлович стажировкатыгар сылдьаммын элбэххэ үөрэнним: куолас туруоруутугар, хореографияҕа, тэтимҥэ. Сыанаҕа долгуйдарбын да, кыбыстыбакка тахсыахпын сөп курдук буолла, «барьеры» аастым дии саныыбын.
Айсена Поликарпова, Бүлүүтээҕи глобальнай үөрэхтээһин гимназиятын 3 «б» кылааһын үөрэнээччитэ:
-Мин кыра эрдэхпиттэн ыллыырбын сөбүлүүбун. Гимназиябар музыка куруһуогар дьарыктанабын. Араас тэрээһиннэргэ, конкурстарга кыттабын. Кэлиҥҥи бириэмэ5э k-pop группалары сөбүлээн истэбин, уонна инникитин ырыаһыт буолуохпун баҕарар эбиппин диэн быһаарынным. Дьонум миигин Семён Павлович Ченянов сайыҥҥы интенсивыгар суруттарбыттара. Манна кэлэммин ырыанан бу курдук чиҥэтэн дьарыктаналлар эбит диэн олус сөхтүм, элбэх саҥаны биллим. 10 күн устата күүстээх дьарык буолла. Музыка хайдах курдук ыарахан үлэттэн оҥоһуллан тахсарын илэ харахпынан көрдүм. Сөбүлээн талбыт «Здравствуй, Якутск» диэн ырыабын уһуллубут. Студияҕа уһуллубут ырыаламмыппыттан олус үөрэбин. Семен Павловичка улахан махталбын тиэрдэбин.
Карина Романова, В. П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Семен Павлович студиятыгар үөрэммиппиттэн олус үөрэбин. Күн аайы араас интэриэһинэй дьарыктар буоллулар, эстрада сулустарын кытта билистибит. Дьиҥнээх студияҕа уһулуннубут, сөпкө ыллыырга, үкҥүүлүүргэ үөрэннибит. Курс түмүгүнэн, Семен Павловичтан сүрүн бирииһи — студияҕа ырыабын устарга сертификат ылан олус дьоллоннум. Онон, учууталларбар махталым муҥура суох.
Изабелла Романова