14 саастаах оҕо ханнык суолунан айанныыра көҥүллэнэрий?
- Тротуар;
- Анал билэсэпиэттиир суолга айан;
- Сатыы сылдьар дьону кытта кытыы сиринэн айанныыр көҥүллэнэр.
Бэлисэпиэт уруккуттан баар, кэм уларыйан истэҕин аайы бэйэтин сыаннаһын сүтэрбэт айан тэрилэ. Билиҥҥи да кэмҥэ элбэхтэ туттуллар транспорт буолар. Ол эрэн, таһырдьа бэлисэпиэттиир буоллаххына сэрэхтээх буолуҥ.
Эчэйииттэн харыстыыр маллар:
— Төбөҕүн харыстыыр шлем;
— Тобуккун, тоҥолоххун харыстыыр тэриллэр;
— Ачыкы;
— Уруулга халтарыйбат бэрчээккэтэ;
— Сырдык өҥнөөх футболка, таҥас;
— Хараҥаҕа умайар атах таҥаһа.
Куһаҕан балаһыанньаҕа түбэспэт, ДТП-га эчэйбэт туһугар маннык судургу быраабылалары тутуһуохха наада:
- Айанныыргытыгар төбөнү харыстыыр шлем кэтиэххэ наада. Шлем бастатан туран, төбө эчэйиититтэн харыстыыр. Төбөҕө кэтэр шлем размера сөпкө олоруохтаах.
- Ачыкы уонна сырдык, киһи хараҕар быраҕыллар, хараҥаҕа умайар таҥас кэтэр ордук. Суолга харахха быраҕыллар таҥастаах киһини бэлиэтии көрөр судургу буолуо.
- Айаннаан иһэн ырыа истимэҥ. Наушник суолга туох буола турарыттан аралдььытар.
- Эн суол айанньыта, бэлисэпиэт миинээччи буоларын быһыытынан суол быраабылатын барытын тутуһуохтааххын. Светофор дьүһүнүн бэлиэтээҥ, ыйанан турар бэлиэлэри болҕойуҥ. Көҥүллэнэр сиргэ айаннааҥ.
- Төһө түргэнник айанныыргытын хонтуруоллааҥ. Бу быраабыла суол хайдах туруктааҕыттан уонна бэлисэпиэттиир киһи төһө үөрүйэхтээҕиттэн тутулуктаах. Суолу эргийиигэ, тохтобулга илиигитинэн сөптөөх сигналлары биэриҥ.
- Суол уҥа өттүн тутуһуҥ, хаһан даҕаны утары суолунан айаннаамаҥ.
Иннигэр баары болҕомтолоохтук көрүҥ, суол батыра көнө буолбатах. Куһаҕан суолга бэлисэпиэттэн түһэн сатыы хааман илдьэр ордук.
- Илиигитин уруултан ыытымаҥ.
- Уруулга туга да ыйаамаҥ. Ханнык эмэ предмет сиргэ түһэр түгэнигэр көлүөһэҕэ иҥнэн хаалыан сөп.
- Хас даҕаны буолан айанныыр түгэҥҥэ, бары колоннанан соҕотохтуу айанныыр көҥүллэнэр.
Онтон туох баар быраабыланы барытын тутуһар буоллаххына, син биир сэрэхтээх буолуҥ, тоҕо диэтэххэ суолга саҥа үөрэнэ сылдьар ыытааччы баар буолуон сөп.
Ыраах айанныаҥ иннинэ уустук участактары үөрэтиэххэ наада. Уу, ас саппаһын хантан буларгын билэн баран айаннааҥ. Көлүөһэ тыынын, туормас үлэлиирин-суоҕун, сыабы бэрэбиэркэлээҥ. Суолга сэрэхтээх буолуҥ.
Текст: Халыева Ольга