От ыйын 8 күнүгэр «Өркөн» лааҕырбытыгар үөрүүлээх түгэн буолла. Ол курдук Уус-Алдан оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараары, ырыаҕа-тойукка үөрэнээри, көрдөөх-нардаах киинэҕэ оонньоору саамай талааннаах, өйдөөх, кыһамньылаах оҕолор Россияҕа дьиэ-кэргэн күнүгэр анаммыт «Өркөн» лааҕыр аһыллар үөрүүлээх чааһыгар муһуннулар.
Тэрээһин аһыллыытыгар оҕолор күргүөмүнэн хааман киирэн «Орлята России» диэн ырыаны толордулар. Салгыы лааҕыр салайааччыта Мария Платоновна Винокурова эҕэрдэ тыл эппитин кэннэ оҕолор бары илиилэрин сүрэхтэригэр тутан Россия гимнин күргүөмүнэн толордулар.
Баһаатайдар Анжелика Слепцова, Алена Михеева оҕолору кытта лааҕыр бэрээдэгин тутуһуохтаахтарын, кыһамньылаахтык дьарыктаныахтаахтарын туһунан мэктиэ тылларын биэрдилэр.
Саха сирин бастыҥ ырыаһыттарын иитэн таһаарбыт, үгүс көлүөнэ ыччаты музыка кэрэ эйгэтигэр уһуйбут, быйылгы лааҕырга оҕолору ырыаҕа үөрэтэ кэлбит Светлана уонна Егор Неустроевтары Россияҕа дьиэ-кэргэн күнүнэн эҕэрдэлээн туран Ника Мигалкина тылларыгар суруллубут “Тулуйхан” студия гимнин оҕолор толордулар.
Тэрээһин иккис чааһыгар оҕолор дьиэ-кэргэн күнүгэр анаммыт «Мин дьиэ-кэргэним гиэрбэтэ” диэн Бүтүн Россиятааҕы акцияҕа кыттаннар дьиэлэригэр уруһуйдаан аҕалбыт гиэрбэлэрин ис сүрэхтэн долгуйан туран кэпсээн көмүскээтилэр уонна гиэрбэлэрин тутан туран уопсай хаартыскаҕа түһэн үөрүүлээх тэрээһини түмүктээтилэр.
Дьэ, ити курдук оҕо талаанын, дьоҕурун сайыннарар «Өркөн» лааҕыр иһинэн үлэлиир «Тулуйхан» эстраднай ырыа уонна «Ералашка» киинэ студиялара үлэлэрин саҕалаатылар. От ыйын 11 күнүгэр оҕолор «Тулуйхан» студияҕа үөрэппит ырыаларынан эҕэрдэ кэнсиэри «Өркөн» оҕо киинигэр көрдөрүөхтэрэ.
Евдокия Окоемова, Бороҕон, Уус Алдан.