Уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл, далааһыннаах салайааччы И.Н. Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар төрөөбүт-үөскээбит, күөлэһийэ улааппыт сиригэр Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар «Бараахап барҕарыы суолларын ыйбытыҥ» диэн ааттаах ыһыах ыстылар.
Ыһыах бүччүм турар, дьэдьэн уга тэллэхтээх Дөлөкөй алааска, саха норуотун тапталлаах суруйааччыта Н. Яктускай төрөөбүт алааһыгар буолла. Дьүһүйүүгэ И.Н. Барахов ааспыт үйэ 20-с сылларыгар баҕарбыт баҕата, үлэлээбит үлэтин үтүө түмүгэ бу бүгүҥҥү олоххо хайдах киирбитин туһунан ойууланна. Саха тыла, тыа сирэ, промышленность, тимир суол, Саха сирин территориятын тула үлэтэ билигин сайдыы суолунан баран иһэрэ сиһилии көһүннэ.
Дьүһүйүүгэ нэһилиэк олохтоохторун, оҕолорун сэргэ Саха тыйаатырын артыыстара кэлэн кытыннылар. Ыһыах ыалдьыттарыгар бу соһуччу бэлэх буолла. «Бүгүн эбэтэр хаһан да» (реж. А.С. Борисов, Р.И. Тараховскай, ааптар Д.Ф. Наумов) диэн хроника-испэктээк улуус киинигэр Үөһээ Бүлүүгэ туруора таарыйа Харбалаах ыһыаҕын күндү-мааны ыалдьыттара буоллулар. Оҕолор артыыстары кытта биир түһүлгэҕэ оонньуур дьоллоох түгэннэриттэн олус үөрдүлэр, астыннылар.
Кэлбит ыалдьыттар олус үөрэн, дуоһуйа сынньанан бардылар. Үгүс махтал тылларын этэн олохтоохтору үөртүлэр.
Евдокия Семенова, И. Барахов аатынан музей үлэһитэ.