Учуутал диэн кимий? Мин санаабар, оҕолору сырдыкка, кэрэҕэ сирдиир, киэҥ билиини биэрэр үтүө киһи, аҕа табаарыс, убай курдук киһи.
Саха норуодунай суруйааччыта, Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа, «Мотуо» кэпсээнин аахтым. Бу кэпсээҥҥэ Саха сиригэр оскуолалар саҥа тэриллэн эрэр кэмнэригэр 17 саастаах эдэр учуутал уобараһа ойууламмыт.
Суруйааччы бу айымньытын 37 сааһыгар суруйбут. Оччолорго оҕолор биир дьиэҕэ ыраах алаастан кэлэн үөрэнэллэр. Дьиэ аҥаар өттүгэр бары муостаҕа сытан утуйаллар. Биир кылааска үөрэнэллэр, биир хоско аһыыллар эбит. Дьиэ иһигэр кирпииччэ оһохтоохтор. Сороҕор үгээрдэри сабан төбөлөрө ыалдьар эбит. Ол иһин учуутал төбөтө баайыылаах сылдьар.
Эдэр учуутал уолга олус улахан эппиэтинэс сүктэриллибит дии санаатым. Кини төһө да эдэрин иһин үөрэнээччилэригэр аптарытыаттаах, кинилэри олус үчүгэйдик үөрэтэр.
Айымньы тоҕо «Мотуо» диэн ааттаммытый? Мотуо диэн 20 саастаах кыыс аата.
Суруйааччы кыһыҥҥы пейзаһы сатабыллаахтык ойуулаабыт. Киһи хараҕар тута көстөр. Мотуо туман быыһынан оскуолаҕа киирэн, учуутал үөрэтэ турар аһаҕас кылааһын өҥөйөн көрөр. Манна кыһын аан аһылыннаҕына туман оргуйан киирэрэ олус бэртик ойууламмыт.
Мотуо уонна учуутал оҕо саастара ыаллыы алааска ааспыт. Мотуо дьонун оҕолоро бары кыргыттар буоланнар, кыра кыыстарын уол оҕолуу таҥыннаран уоллуу ииппиттэр. Ол иһин учуутал Мотуону уол диэн көрбүт эбит. Кыыһын билэн олус соһуйбут.
Учуутал Мотуону көрөөт, тахсан барыа, куотуо диэн долгуйан, кылаастан тахсан көрсөр, кэпсэтэр. Ааптар Мотуону олус кыраһыабай, истиҥ сыһыаннаах кыыс быһыытынан ойуулуур. Кинилэр 17, 20 саастарыгар бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ сыһыаннара көстөр.
Бу айымньы геройдара төһө да эдэр дьон буоллаллар, айымньы ис хоһооно ыарахан. Мотуо олус хомолтолоохтук ыалдьан өлөр. Эдэр учуутал уол уобараһын олус аһынным, ааптар итэҕэтиилээхтик ойуулаабыт дии санаатым. Олоххо маннык уустук түгэн эмиэ буолуон сөп эбит.
«Мотуо» киинэтин көрбүт буоламмын, айымньыны ааҕарбар өйдөөбөтөх түгэннэрбин тута өйдөөтүм.
Амма Аччыгыйа үчүгэй айымньыны суруйбутугар махтанабын.
Киинэ уһулбуттарыгар махтанабын.
Матаннанов Айаал, VI кылаас, Игидэй орто оскуолата, Таатта.
Салайааччы Варвара Константиновна Ефимова, саха тылын уонна литературатын учуутала.