Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар «Мин өрөспүүбүлүкэ инники кэскилэбин!» диэн тумус тыллаах «Ситиһии күнэ» буолан ааста.
Бастаан саха тылын уонна литературатын олимпиадниктарын чиэстээтибит. Сыл бастыҥ үөрэнээччитинэн Яра Васильева ааттанна. Маны тэҥэ «Саха тылын уруогун бастыҥ билээччи» аат туттарылынна.
Салгыы «Кыайыы дьыктаанын» суруйдубут.
Онон биһиги Харбалаахтар «Өрөспүүбүлүкэ күнүн» үөрэ-көтө, ситиһиилээх оҕолорбутун чиэстээн көрүстүбүт.
Валентина Кривошапкина, Харбалаах, Таатта.