Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгин Николай Иннокентьевич Кочнев аатынан оскуолаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах линейка буолла.
Бары билэрбит курдук муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ. Бу күн 1922 сыллаахха РСФСР иһинэн Саха АССР тэриллибит. Ону таһынан, 1992 сыллаахха, бу күн, демократия бириинсиптэригэр олоҕурбут өрөспүүбүлүкэ саҥа Төрүт Сокуона (Конституцията) ылыллыбыт.
Оскуола оҕолоро бары, саха буоларбыт быһыытынан, сахалыы таҥас кэтэн кэллибит. Учууталлар: «Саха буоларгытыттан, сахалыы саҥараргытыттан кыбыстыа суохтааххыт, сахабыт тылын-өһүн, култууратын тэнитиэхтээххит» диэн үөрэнээччилэргэ туһаайан эттилэр. Бүтэһигэр илиилэртэн ылсыһан, күн эргииринэн хааман, сахабыт төрүт үҥкүүтүн оһуохайы таһаардыбыт.
Түмүк курдук ааҕааччыларга этиэм этэ, Сахаҕыт сиринэн киэн туттуҥ, биһиги хайдах курдук киэҥ сиргэ олоробутуй, хайдах курдук баай тыллаахпытый? Ону умнумаҥ, киһи буолан килбэйиҥ, саха буолан сандаарыҥ!
Анжелина Жданова, Х кылаас,
Ньурба, Хаҥалас.