Сахаларга былыр-былыргыттан кыыс киэргэлэ — уһун суһуох. Олоҥхоҕо, норуот фольклоругар уһун суһуохтаах кэрэ куолар элбэхтэ көстөллөр. Ырыабытыгар, хоһооммутугар кэрэ кыыс уһун суһуоҕа хайаан да ахтыллар.
Билим дьоҕус академиятыгар республика араас муннугуттан араас дьарыктаах оҕолор кэлэллэр. Биһиги манна уп-уһун суһуохтаах кэрэ кыыһы бэлиэтии көрдүбүт уонна кинини кытта кэпсэттибит. Кини аата Жанна Рыкова, аан дойдутааҕы арктическай оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ.
Жанна баттаҕын хайдах көрүнэр эбитий? Баттаҕа иилистибэккэ, үчүгэйдик тараанарыгар аналлаах бальзамнары туттар эбит. Суунан баран баттаҕын фена суох куурдар.Тоҕо диэтэххэ, феннаннахха баттах хаачыстыбата буортуйар. Жанна уһун суһуоҕун түмүгүттэн саҕалаан 10-15 мүнүүтэ тараанар. Оттон күҥҥэ уопсайа 3-4 тараанар эбит. Маннык тарааннахха баттах тас көрүҥэ тупсар, уһуур. Ол аата биир күҥҥэ 40 мүнүүтэ кэриҥэ баттаҕын тараанарыгар барар. Суһуоҕун суунарыгар уонна өрүнэригэр эмиэ 30-туу мүнүүтэ барар. Сөбүлээн туттар шампуна “Elseve”. Уһун суһуох куонкуруһугар кытта илик. “Ардыгар дьон мин баттахпар болҕомто ууралларын соччо сөбүлээбэппин” диэн санаатын эттэ. Сороҕор киниттэн ыйыппакка кэнниттэн баттаҕын хаартыскаҕа түһэрэллэр эбит. Киһиэхэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха наада диэни биллибит.
Уһун суһуохтаах Жаннаҕа баҕарыа этибит инникитигэр үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны!
Интервью ыллылар Иванна Захарова, 8 кылаас, Майа, Мэҥэ-Хаҥалас;
Маша Собакина, 7 кылаас, Мырыла, Чурапчы.