IT «АгроХакатон 2.0» тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт күрэх иккис түһүмэҕэ түмүктэннэ. Бастакы түһүмэххэ 8 хамаанда кытынна. Онтон 6 хамаанда бүтэһигэр диэри тиийдэ. Иккис түһүмэххэ икки ый устата IT көмөтүнэн үлэлиир сыһыарыы оҥоруохтаахтар.
Иккис туурга 3 хамаанда бэйэлэрэ сыһыарыы оҥорон, дьүүллүүр сүбэҕэ көмүскээтилэр. Бу бырайыактарынан тэриллтэлэргэ апробация ыыттылар. Түмүгэр бастакы миэстэни «Агрохакатон-2.0» тыа хаһаайыстыбатын IT-куонкуруһун кыайыылааҕынан «Non Stop» хамаанда (Cунтаар 1 №-дээх оскуолата) таҕыста.
• Менеджер – Семенова Анисия, 8 кылаас;
• Дизайнер – Авелова Владилена, 8 кылаас;
• Разработчик – ЛИ Стас, 8 кылаас
Бырайыак: Good Milk
Holy’s хамаанда- Күндэйэ орто оскуолата иккис миэстэ.
• Менеджер – Лазерев Айаан, 8 кылаас
• Дизайнер и разработчик – Прокопьева Алина, 9 кылаас.
Бырайыак: «Мобильное приложение «Мой питомец»».
Loli3W хамаанда -СПТЛ-И, үһүс миэстэ
• Дизайнер – Егоров Демид, 9 кылаас;
• Разработчик – Горохов Станислав, 9 кылаас.
Бырайыак: «Калькулятор расчета по распределению сырья в процессе производства молочных продуктов».
Куратор тэрилтэлэр уонна кыттыбыт оҕолор оҥорбут IT-бородуукталарын салгыы сайыннарыахтара диэн эрэнэбит.
Бастаабыттар Москваҕа профориентационнай туурга барар путевканы туттардылар.
Оҕолорго ситиһиини баҕарабыт.
«Дьулуур» медиакиин, Сунтаар №-дээх оскуолата.