Олунньу 21 күнэ — бүтүн Аан дойдутааҕы төрөөбүт тыл күнэ. Бу күн, сир-дойду киэҥ кэлиитигэр, биһиги сахалар, норуот быһыытынан араас омук быыһыгар үүнэ-сайда олорорбут хайдахтаах курдук үчүгэйий.
Ханнык да сиргэ, хайа да омук төрөөбүт тылын умуннаҕына, аанньа ахтан саҥарбатаҕына бу тыл сүтэр, симэлийэр, норуот эстэр. Ийэ тылы көлүөнэттэн көлүөнэҕэ чөл, ыраас туруктаан, сиэрдээхтик баайытыллан тириэрдэр ытык иэспит буолар.
Сахалыы ыраастык саҥарар туһугар элбэхтик ааҕыахтаахпытын умнуо суохтаахпыт. Маннык бэлиэ күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, оскуолабытыгар кылаастарынан саха суруйааччыларын айымньыларынан “Саха тыла – саха тыына” диэн хоһоон ааҕыытын күрэһэ буолан ааста. Кылаастар бары сахалыы таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ тэрээһини киэргэттэ. Ордук алын кылаас оҕолоро бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Бииртэн биир кылаас хоһоону ааҕалларын истиһэн бэйэлэрин толорууларыгар сыанабылы ыллылар. “Киһи киһини көрөн үөрэнэр” диэн дириҥ ис хоһоонноох өс хоһоонун суолтата манна сөп түбэстэ.
Онтон дьүүллүүр сүбэ хас биирдии толорууну өрө көтөҕүүлээхтик анал ааттары биэртэлээтэ:
1кылаас — Умсугутуулаах ааҕыы
2 кылаас — Иэйиилээхтик ааҕыы
3 кылаас — Кэскиллээх ааҕааччы
4 кылаас — Долгутуулаахтык ааҕыы
5 кылаас — Уобарастаан ааҕыы
6 кылаас — Өрө күүрүүлээхтик ааҕыы
7 кылаас — Дириҥ ис хоһоонноохтук ааҕыы
8 кылаас — Хомоҕойдук ааҕыы
10 кылаас — Дорҕоонноохтук ааҕыы
Тыл нэдиэлэтин түмүгүнэн саха тылын олимпиадатыгар кыттыбыт оҕолорго грамоталары, туоһу суруктары туттардылар.
Оҕолоор, төрөөбүт тылгытын таптааҥ, харыстааҥ, кыһаллан үөрэтиҥ!
«Кустук» пресс-киин, Күүкэй