Олунньу 16 күнүгэр Аллараа Бэстээх 2 нүөмэрдээх биирдиилээн предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр орто оскуолатыгар улуустааҕы «Сыл учуутала-2023» куонкурус буолла.
Тэрээһин сыала-соруга — талааннаах учууталлары өйөөһүн уонна учуутал идэтин өрө тутуу. Уопсайа Мэҥэ-ханалас 12 орто оскуолаларыттан талааннаах, сатабыллаах учууталлар кыттыыны ыллылар. Кыттааччылар 3 түһүмэҕи аастылар: ”Уруок” , “Педагогическай совет” “Маастар-кылаас”. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 5 учуутал финалга таҕыстылар. Түмүк түһүмэх пресс-конференция көрүҥүнэн ыытылынна. Пресс-конференцияны иилээн-саҕалаан «Кэскил» хаһыат корреспондена Григорий Григорьевич Местников ыытта.
Пресс–конференцияҕа Мэнэ-Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов, «Молодой педагог-2019» улуустааҕы күрэх кыайыылааҕа Эльмира Афанасьева Апросимова, «Кэскил» хаһыат корреспондена Таисия Ивановна Алексеева уонна Мэҥэ-Ханалас улууһун араас оскуолаларыттан оҕолор интэриэһинэй боппуруостары биэрдилэр. Кыттааччылар учугэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэр, үлэлэрин таһымнарын саҥаран-иҥэрэн көрдөрдүлэр, хас биирдии кыттааччы туспа көрүүлээх-санаалаах диэн бэлиэтээтибит.
Сыл учуутала улуустааҕы куонкурус муҥутуур кыайыылааҕынан В.С. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын физикаҕа учуутала Анастасия Ивановна Винокурова буолла. “Куонкурска кыттарбар наһаа долгуйбатаҕым. Бэйэм испэр «робот» режимын холбообутум. Коллегаларым ис сүрэххиттэн саҥар диэн сүбэлэрин биэрбиттэрэ. Оскуолаҕа үлэлээбит опыппын толордум дии санаатым. Кыайыы диэн улахан эппиэтинэс. Бэйэм улэлиир оскуолабын, нэһилиэк, улуус чиэһин көмүскээһин. Кыайыыга эрэлим суоҕа, утарсааччыларым олус күүстээхтэр этэ!”, — диэтэ Анастасия Винокурова.
Сардаана Николаевна Борисова, Майа лиссиэйин үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы:
— Бары кыттааччылар олус учугэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Бэйэлэрин оскуолаларын, коллективтарын чиэһин олус үчүгэйдик көмускээтилэр дии саныыбын. Үлэлэрин олус таптыыр учууталлар кэлбиттэр.Ол иһин үүнэргэ-сайдарга, үлэлэрин тупсарарга бары бэлэмнээхтэр. Саамай сүрүнэ – бу куонкуруска ылбыт билиилэрэ, сатабыллара, опыттара салгыы үлэлииллэригэр көмөлөһүөҕэ. Кинилэр үөрэнэччилэрэ сайдыылаах, билиилээх дьон буолан учууталларын үтүө аатын ааттатыахтара. Учуутал үлэтин түмүгэ — үөрэнээччилэригэр.
Матырыйаалы бэлэмнээтилэр И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйэ (Айыына Ачикасова), Р.А. Бурнашев аатынан Табаҕа орто оскуолата (Снежана Попова, Надя Павлова, Туйаара Абрамова), Е.Д. Кычкин аатынан Матта орто оскуолата (Ярослав Григорьев).
Хоробут орто оскуолатын X кылаас үөрэнээччитин Марк Москвитин хаартыскаҕа түһэриилэрэ.