Тохсунньу 23 күнүгэр оскуолабытыгар бастакы кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах «Быраһаай, букубаар» диэн тэрээһин буолан ааста. Онно мин уонна Эмма Ядрихинская кылаас салайааччытыгар көмөлөһөөччүнэн сырыттыбыт. Соторутааҕыта биһигини маҥнайгы кылаастарга баһаатайынан анаабыттара. Ол иһин оҕолорго өйдөнөн хаалар бырааһынньык оҥороору, үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлбиппит: биһиги төбөбүтүгэр буукуба оҥостон кэппиппит, онтон учууталлар кинигэ буолбуттара.
Бу тэрээһин маҥнайгы кылаас оҕолоругар олус суолталаах. Кинилэр сыл аҥаарыгар туохха үөрэмиттэрин, сатаан ааҕар, суоттуур буолбуттарын дакаастыыр күн. Үөрэнээччилэр бэлэм буолбуттарын кэлэн төрөппүттэр, алын кылаас учууталлара иһиттилэр, көрдүлэр. Оҕолоро элбэҕи сатыыр буолбуттарыттан үөрдүлэр-көттүлэр.
Кылаас салайааччыта, Мария Васильевна Стручкова, тэрээһини уруок курдук быһыылаах оҥорбута олус үчүгэй дии санаатым. Бастаан оҕолор буукубалары, сыыппаралары иҥнибэккэ билэллэрин бэрэбиэркэлээтэ, онтон дуоскаҕа таһаартаан фишканан үлэлэттэ, тэтэрээккэ тылга сорудах оҥордулар, аахтылар, ыйытыыларга хоруйдаатылар. Тэрээһин түмүгэр үчүгэйдик үөрэммиттэрин иһин грамота, хайҕабыл сурук бөҕө туттулар.
Түгэнинэн туһанан, маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрин, төрөппүттэрин уонна кылаас салайааччытын бу үөрүүлээх күннэринэн эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт өссө да элбэх ситиһиилэри, үөрэххит тубустар-тупсан истин. Инникитин да тэҥҥэ араас тэрээһиннэри ыытыахпыт, көмөлөһүөхпүт, ситиһиилээхтик, таһаарыылаахтык тапсан үлэлиэхпит диэн эрэннэрэбит. Бастакы билсиһии тэрээһимит олус үчүгэйдик ааста!
Абыйаана Слепцова, т.н.д. А.Е. Слепцов аатынан Абый орто оскуолатын 9 кылаас үөрэнээччитэ.