Сунтаар улууһугар Ороһооспотооҕу баһылык Харыйатыгар Кутана оскуолатыттан 3 буолан сылдьан кэллибит. Валентин Готовцев, Настя Федорова уонна мин, Кэскилээнэ Куприянова. Салайааччыбыт — соцпедагог Анастасия Григорьевна Александрова.
Манна кыттыыны оскуола бастыҥ үөрэнээччилэрэ, спортсменнара уонна актыбыыс оҕолоро ыллылар. Тэрээһин Сергей Зверев аатынан саҥа тутуллубут култуура киинигэр буолан ааста. Аан маҥнай оҕолорго кыракый оонньуу тэрийбиттэрэ.
Ол кэннэ кыттааччылар икки аҥыы арахсан, улуус баһылыгын кытта аһаҕас кэпсэтиигэ сылдьыбыппыт. Онно оҕолор интэриэһиргиир боппуруостарын ыйыталаспыттара. Дьэ, ол кэннэ тэрээһин сүрүн чааһа саҕаламмыта.
Бастатан туран, улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа солбуйааччыта Г.М. Еремеев хас биирдии ыҥырыллыбыт үөрэнээччигэ «өйдөөх» чаһы туттартаабыта. Ол быыһыгар күөх экраҥҥа оҕолор ситиһиилэрэ көстө турбута. Хас биирдии оҕо бэйэтэ ураты дьоҕурдаах талааннаах эбит диэн сөҕө көрбүтүм.
Наҕараадалааһын кэнниттэн олус үчүгэй музыкальнай дьүһүйүүнү көрдөрбүттэрэ. Салгыы бары хаартыскаҕа түспүппүт. Биир тылынан эттэххэ, олус үчүгэй, өйгө-санааҕа хаалар, олус туһалаах бырааһынньык ааста. Мин бу тэрээһинтэн олус астынным уонна үөрдүм.
Кэскилээнэ Куприянова, 11 кыл.
«Кутана кыымнара» эдкорпост.