Билигин оскуола ахсын “Сүдү суолталааҕы кэпсэтии” (Разговоры о важном) патриоттуу тыыҥҥа иитэр кылаас чаастара, тэрээһиннэр саҕаланнылар. Саха сирэ Россияны кытта быстыбат ситимнээҕин устуоруйабыт туоһулуур. Олортон биир ыар түгэнинэн 872 күннээх Ленинград куорат блокадата буолар. Бу блокадаҕа 34 эдэркээн саха устудьуон оҕолоро түбэһэн, сорохторо тыыннаах ордубатахтара. Ол устудьуоннартан биирдэстэрин, бэйэтин хос эбэтин Анастасия Тихоновна Старостина туһунан Дьокуускай к. 33-с №-дээх оскуолатын II кылааһын үөрэнээччитэ Мия Фёдорова суруйуутун болҕойон ааҕыҥ.
— Мин хос эбэм, Анастасия Тихоновна Старостина, 1940 сыллаахха күһүн Ленинград куоракка театральнай институкка үөрэнэ барбыта. Саха сириттэн, уопсайа, 34 саха устудьуоннара барбыттара. 1941 сыллаахха Ийэ дойдубутугар алдьархай ааҥнаан, сэрии саҕаламмыта. Студия уолаттара үгүстэрэ армияҕа ыҥырыллыбыттара. Кыргыттары уонна 18 саастарын туола илик аҕыйах уолу сэрии саҕаламмытын иккис нэдиэлэтигэр 1941 сыл бэс ыйын 30 күнүттэн траншея, окуопа хаһар, баррикада тутар үлэҕэ таһаарбыттара. Ол быыһыгар госпиталларга санитаардыыллара, өстөөх быраҕаттыыр уматар буомбаларыттан олорор дьиэлэрин көмүскүүр этэрээттэргэ дьуһуурустубаҕа сылдьаллара.
От ыйыттан аһы карточканан эрэ ылар буолбуттара. Блокада бастакы, муҥутуур ыар содуллаах 1941-42 сс. кыһыныгар килиэп сууккатааҕы нуормата 125 кыраамҥа тиийэ аччаабыта. Онно саха студеннарыттан хас да оҕо хоргуйан өлбүтэ. Аччык оҕолор бөҕөргөтүү ыарахан үлэтигэр хойут күһүҥҥэ диэри сылдьыбыттара. Куораты төгүрүйбүт өстөөх ардыгар сүүһүнэн сөмөлүөттэн күн аайы буомбалыыра, артиллериянан ытыалыыра.
Анастасия Тихоновна, атын устудьуоннар курдук, 1941 сыл от ыйыттан 1942 сыл тохсунньутугар диэри сэттэ ый устата бааһырбыт байыастарга анаан хаанын туттарбыта. 1942 сыл олунньутугар эмиэ хаан туттара тиийэн баран, өр кэмнээх хоргуйуу содулуттан өйүн сүтэрэн охтубутун иһин хаанын ылбатахтара… Хоргуйан өлүүттэн сэттэ саха кыыһын 1942 сыл олунньу бүтүүтүгэр быыһаабыттара.
Хос эбэм Саха сиригэр бэс ыйыгар кэлэн баран, аны 1942 с. күһүнүгэр Чурапчы холкуостарын хоту көһөрүүтүгэр түбэспитэ. Онно эмиэ хоргуйуу алдьархайын иккистээн көрсөн, 6 киһилээх дьиэ-кэргэниттэн иккиэйэх хаалан, 1944 сыллаахха эргиллибиттэрэ.
Сэрии кэнниттэн нуучча тылын уонна история учуутала буолан, биэнсийэҕэ тахсыар диэри ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. «Ленинград оборонатын иһин» мэтээллээх уонна атын да элбэх наҕараадалаах этэ, Чурапчы бөһүөлэгин бочуоттаах гражданина.
Мин хос эбэм Старостина Анастасия Тихоновна үтүө аатынан киэн туттабын, кини олоххо дьулуурун холобур оҥостобун.
Видеоҕа Анастасия Тихоновна Старостина туһунан кэпсиир Дьааҥы улууһун Боронук оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Ливия Другина.