Ил Дархан Харыйатыгар Таатта улууһуттан С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын 11 кылааһын туйгун үөрэнээччитэ Андреева Марина кытыыны ылла.
Марина алын кылаастан саҕалаан араас таһымнаах олимпиадаларга уонна тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттар, куруутун оскуолатын аатын ааттатар. «Эрчим» оҕо экологическай тэрилтэтин эколидерынан үлэлээбитэ, ырааһырдыы, көҕөрдүү, «Ыраас кытыл», «Үтүө хаппах», «Батарейката туттар» экологическай акциялары көҕүлээччи. «Кыталык», «ZW – нулевой отход», «Химический круговорот», «Амма нэһилиэгин 7 кэрэ сирдэринэн», «Научное лето онлайн» бырайыактар актыыбынай кыттыылааҕа.
Өрөспүүбүлүкэ, Россия уонна аан дойду таһымнаах олимпиадаларга, научнай конференцияларга кыттан үрдүк ситиһиилэрдээх.
Бүтүн Арассыыйатааҕы АгроНТИ «АгроМетео» хайысха уонна «Охотники за микробами» исследовательскай программа кыттыылааҕа, «Всероссийский атлас почвенных микроорганизмов» соавтора.
Бүтүн Арассыыйатааҕы «Ларионовскай ааҕыылар», «Полюс холода объединяет молодежь», «Леонардо» научнай чинчийэр кэмпириэнсиэлэр призера. Өрөспүүбүлүкэҕэ «Отходы в доходы», «Наследие А.Е. Кулаковского – Өксөкүлээх Өлөксөй в краеведении Якутии», «Священные деревья Якутии» куонкурстар кыайыылааҕа. В.П. Ларионов аатынан республиканскай научнай конференция «Шаг в будущее-Инникигэ хардыы-Professor V.P. Larionov “A Step into the Future” Science Fair» , «Интеллектуальный потенциал молодежи – селу 21 века», «Чугуновскай ааҕыылар», «Дойдум-Отечество» өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт кэмпириэнсийэлэргэ бириистээх миэстэлээх. «Эдэр профессионаллар» чемпионат «Туризм», «Медицинский и социальный уход», «Предпринимательство» компетенцияларга үрдүк ситиһиилэрдээх.
Марина оскуолабыт биир бастыҥ үөрэнээччитэ, кини олус үчүгэйдик үҥкүүлүүр уонна уруһуйдуур. Маринабыт Саха сирин Ил Дарханын Харыйатыгар сылдьыбытыттан олуһун диэн үөрэбит уонна киэн туттабыт.
Быйыл БКЭ ситиһиилээхтик туттаран, медицинэ эйгэтин үөрэҕэр киирэн, быраас идэтин ылан, дьонун-сэргэтин доруобуйатын бөҕөргүүрүгэр үлэлиэ диэн эрэллээхпит.
Мичийэ Канаева, 11 кылаас үөрэнээччитэ.