Биһиги 8 кылаастар — олус эйэлээх уонна көхтөөх кылаастар буолабыт. Куруук кылааспыт иһинэн араас күрэхтэри, кылаас чаастары, оонньуулары тэрийэн ыытабыт.
Быйыл үгэскэ кубулутан оҕо-аймах барыта долгуйа күүтэр бырааһынньыкпытын Саҥа Дьылы чугаһатан, күүннээҕи олохпутун сэргэхситэн, «Адвент-халандаар» диэни оҥорон, күн аайы күммүтүн сэргэхтик атаарабыт.
Ахсынньы 1 күнүттэн 31 күнүгэр тиийэ араас сорудахтары хамаанданан арахсан толоруохтаахпыт.
Ол курдук, холобура «Үтүө дьыла күнэ», «Саҥа дьыллааҕы хаартыскаҕа түһүү», «Саҥа дьыллааҕы киинэ көрүү», «Хаар аанньалы оҥоруу», «Көрдөөх оонньуу күнэ», «Хара таҥас күнэ», «Рюкзэгэ суох күн», «Аныгы тренд күнэ», «Кэрэ буолуу күнэ», «Үүттэн коктейль күнэ», «Торт күнэ» о.д.а.
Маннык күн аайы оонньооммут, сорудах толороммут эппиэтинэстээх, эйэлээх уонна түмсүүлээх буоларга үөрэнэбит. Төрөппүттэрбит онуоха өйүүллэр, куруук көмө буолаллар.
Кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан, Саҥа дьолунан!
Виолетта Левина, 8 кылаас үөрэнээччитэ.
«Дьоҕур» пресс-центр, Кэбээйи орто оскуолата.