Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, суруналыыс, учуонай Иван Александрович Аргунов 100 сылыгар оҕолорго өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт өйтөн суруйуу күрэҕэр бэйэбит саастыылаахтарбыт бөлөҕөр Ванесса Васильева (4 кылаас) уонна мин бастакы миэстэни ылан үөрдүбүт.
Күрэх балаһыанньатыгар көҥүл тема диэн баарыгар Ванесса өйтөн суруйуутун аата «Түннүкпүнэн көрдөхпүнэ…» диэн. Киһи уонна айылҕа биир ситимнээхтэрин суруйда. Кыһын мастар иһийэн, хаарынан үллүктэнэн, онтон саас мутукчалара тыллан, көҕөрөн кэлэллэрин кэтэһэллэр, онтон киһи кыһын үксүн дьиэҕэ олорор, үөрэнэр, үлэлиир эмиэ саас, сайын кэлэрин кэтэһэр…
Мин өйтөн суруйуум «Суруналыыс идэтин хайдах көрөбүн?» диэн. Тус санаабынан суруналыыс идэтигэр түөрт ирдэбили туруорабын. Бастакытынан, үрдүк култууралааҕын таһынан, тас көрүҥүн көрүнүөхтээх. Дэлэҕэ даҕаны этиэхтэрэ дуо, «Таҥаһынан көрүс, өйүнэн атаар», — диэн. Онон өй уонна тас көрүҥ быстыспат сибээстээхтэр. Иккиһинэн, кэпсэтиэхтээх, суруйуохтаах матырыйаалгын үөрэтэн, суруйан киэҥ эйгэҕэ таһаарар. Үсүһүнэн, суруйбут матырыйаалыҥ дьон-сэргэ ааҕарын эрэ курдук буолбакка, толкуйдатар, үөрэтэр хайысхалаах буолуохтаах. Төрдүһүнэн, суруналыыс атын идэлээх дьонтон билэрэ-көрөрө киэҥ буолуохтаах. Суруналыыс идэтэ бочуоттаах да, эппиэтинэстээх да! Маны таһынан, Иван Александрович үөрэппит оҕото Дмитрий Кустуров туһунан уонна Ороһуттан төрүттээх суруналыыстары эбии суруйан биэрбитим.
Таатта улууһун, Игидэй оскуолата биир дойдулаахтарын үйэтитэн уонна өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар биллэрэр сыаллаах күрэх тэрийбиттэрэ хайҕаллаах. Оҕолор өйтөн суруйбуттарын түмэн, хомуруунньук таһаарабыт диэбиттэрин биһиги сэргии иһиттибит.
Ксения Семёнова, Ороһу орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.