Тыыннаах доҕуһуол — өрүү баар буол
Тыыннаах доҕуһуол тыаһыыр муусуката хайдахтаах курдук үчүгэй тыыны биэрэрий, доҕоттоор! Сахабыт сиригэр араас элбэх ВИА бөлөхтөр, ХХ үйэ 70-с сылларын курдук, саҥаттан сөргүтүллэн эрэллэр.
Ол курдук, 2016 сыллаахха “Муусуканы барыбытыгар” диэн бырайыак чэрчитинэн Бүлүү улууһун Чернышевскай С.М. Васильев аатынан орто оскуолатыгар “Эрэл” диэн бөлөх тэриллибитэ.
Уус-уран салайааччы – Новосибирскайга култуурунай-сырдатар училищены бүтэрбит, баянист Прокопий Григорьевич Воронов. Бастакы састаап: ритм-гитара – Миша Николаев, соло-гитара – Илья Иванов, бас-гитара – Егор Корякин, синтезатор – Ярик Гаврильев уонна охсор үнүстүрүмүөннэргэ – Саша Корякин.
Дьэ, бу уолаттар “Эрэл” бөлөҕү үрдүк таһымҥа таһаардылар. Онтон кэлэр көлүөнэ кыра уонна орто сүһүөхтэрин оҕолоро убайдарын үтүктэн, номнуо бөлөх тэриммиттэр.
Кыра уолаттар Бүлүү куоратыгар ВИА бөлөхтөр икки ардыларыгар М.Н. Жирков аатынан күрэххэ III истиэпэннээх лауреат аатын сүгэннэр, өссө да сайдар-үүнэр суолга туруннулар.
Муусукааннарбыт тустарынан
Илья ИВАНОВ
Соло-гитаратын тутта да, истээччи барыта киниэхэ чугаһыыр. Өссө үчүгэйдик ыллыыр буолан, “былааһы ылар”. Ханнык баҕарар үнүстүрүмүөҥҥэ оонньуур. Дьэ, талааннаах киһи диэн кини буоллаҕа! Куруук үөрэ-көтө сылдьар, санаатын хоту иннин диэки баран иһэр.
Быйыл оскуолатын бүтэрэн, киин куоракка тиийэн, өссө күүскэ сайдар санаалаах. “Эрэл” бөлөх сайдарыгар дириҥ кылаатын киллэрэр киһи кини – Илья!
Егор КОРЯКИН
Егор, бастаан көрөргө, симик соҕус курдук.
Ол эрээри, гитаратын ылла да, кинитээҕэр талааннаах киһи суоҕар дылы буолар. Саҥата суох сылдьан, ханнык баҕарар ырыаны да, хоһоону да айыан сөп.
Үчүгэйдик үөрэнэр, ону таһынан спорт араас көрүҥнэригэр уһулуччу кыахтаах. 2016 сыллаахха бас-гитараны аан бастаан тутаат, сонно тута оонньоон, уол элбэх киһини соһутан, сөхтөрөн турардаах.
Саша КОРЯКИН
Оскуолаҕа IX кылааска саҥа кэлбит уол, хата, ударнайга, охсор-тэбэр тэрилгэ, оонньуур буолан, бөлөх биир тутаах киһитэ буола түстэ.
Үөрэҕэр кыһаллара кини сирэйигэр-хараҕар эмиэ көстөр. Муусукааннарга эрэ сыһыаннаах “слух” баар киһитэ, дьэ, кини. “Фристайл”, ол эбэтэр, тутатына миэстэтигэр муусуканы айан таһаарар ураты дьоҕурдаах. Барабааны бэйэтин биэс тарбаҕын курдук билэр.
Уопсайынан, бары даҕаны абытайдаах дьоннор!
Ситиһиигэ эрэллээхтэр
Бу уолаттар оонньуур үнүстүрүмүөннэрэ оскуола киэнэ эрээри, барытын бэйэлэрэ араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан ылбыттара.
Ол курдук, сылын аайы Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгэр ыытыллар ВИА бөлөхтөр “Ой дуораана” күрэхтэригэр “Дебют года” диэн ааты ыланнар, 5000 солк. сертификатынан наҕараадаламмыттара.
Мэҥэ Хаҥалас Харатыгар ыытыллыбыт “Сааскы тэтим” күрэххэ II миэстэни ыланнар, 3000 солк. харчынан бириэмийэ туппуттара.
Үөрэх министиэристибэтин уонна эбии үөрэхтээһин Киинин көҕүлээһиннэринэн Дьокуускайга ыытыллыбыт оскуола оҕолорун ВИА бөлөхтөрүн икки ардыларыгар улахан түһүлгэҕэ III истиэпэннээх лауреат аатын сүгэннэр, 30 тыһыынча солк. наҕараадаламмыттара.
Ону таһынан Илья Иванов “Бастыҥ гитарист” анал ааты ылан, Ил Дархан Ороһуоспатааҕы Харыйатыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ.
“Эрэллэр” инникигэ эрэллээхтэрин көрөн итэҕэйдим. Өссө кинилэр кэскиллээх бырааттара убайдарын ситиһиилэрин чаҕылыйар үрдүк таһымҥа таһаарыахтара диэн эрэнэбин.
Иннокентий Владимиров.