Кулун тутарга оскуолабыт үрдүнэн тимуровскай нэдиэлэ биллэриллэн, V-XI кылаастар паарканы хомуйдулар, пааматынньык хаарын ыраастаатылар.
Үрдүкү кылаас оҕолоро бэтэрээннэр сарайдарын, хотоннорун хаарын түһэрдилэр. Быйыл хаарбыт хаһааҥҥытааҕар да халыҥ буолан, бары күргүөмүнэн саба түһэн үлэлээн, элбэх киһиэхэ биллибэккэ хаалла. Нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастара М.В. Львова уонна П.Ф. Александров махталлара улахан.
Ити курдук, Күүкэй оҕолоро сылын аайы кыралаан көмө оҥоробут. Аны харалдьык таҕыстаҕына, салгыы көмөҕө үөрэ-көтө тиийиэхпит.
Валентин ПРОКОПЬЕВ,
VIII кылаас.
Күүкэй, Сунтаар.