Сэтинньи 25-26 күннэригэр Таркаайыга нэһилиэк баһылыгын кубогар оҕолор ортолоругар икки сааһынан арааран тустууга бэрт тыҥааһыннаах күрэхтэһии буолан ааста.
Биһиги нэһилиэктэн уон оҕо баран күрэхтэһэн кэллилэр. Ол курдук ыйааһыннарынан түмүктэр манныктар: 26 кг ыйааһыҥҥа чөмпүйүөн аатын Васильев Евгений ылла. Ити ыйааһыҥҥа иккис миэстэни Васильев Максим ылла. 28 кг бастакы миэстэни Васильев Уйгулаан ылла.
32 кг ыйааһыҥҥа Герасимов Артур үһүс буолла. 35 кг Федоров Лева 3 миэстэҕэ тигистэ.
Улахан уолаттарга 41 киилэҕэ Жданов Саша бастаата.44 киилэҕэ Васильев Дьулус үһүс буолла.
68 киилэҕэ Семенов Арылхан иккис буолары ситистэ. Көҥүл тустууга, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, Европаҕа (Вильнюс) уонна Турцияҕа ыытыллыбыт Ясар Догу бирииһигэр Гран-При НИАТ боруонса призера, Александр Медведь бирииһигэр Гран-При НИАТ (Минскэй) кыайыылааҕа Владислав Андреев анал бирииһин, үтүөлээх тренер Иван Васильевич Бурнашев Евгений Васильевка туттарда.
Күрэхтэһээччи оҕолорго уонна иитээччи тренер Василий Васильевичка эҕэрдэ буоллун!
IX кылаас,
Хаҥалас,Ньурба,
«Ыллык» эдкорпост