Алтынньы 28 күнүттэн сэтинньи 2-гэр диэри Иркутскай уобалас Ангарскай куоратыгар нуучча дуобатыгар аһаҕас турнирга биһиги оскуолабыт оҕолоро ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.
Кырдьаҕас тренер Гаврильев Алексей Ильич иитиллээччилэрэ 10 кылаас үөрэнээччитэ Мичил Петров — чемпион, 8 кылаас үөрэнээччитэ Алеша Платонов — иккис миэстэ, 9 кылаас үөрэнээччитэ Марк Захаров алтыс миэстэ буоллулар.
Биһиги Мичилтэн бу күрэхтэһии туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт.
— Дуобатынан бастакы кылаастан дьарыктанабын. Ангарскайга бэйэм күрэхтэһэр сааспар сүүрбэччэ этибит. Ол онтон мин 1 миэстэ буоллум. Мин санаабар олус үчүгэйдик кытынным, кыахпын 100% ууран кыайдым дии саныыбын.
Мичил Петров дуобакка спорт маастарыгар кандидат, оскуола биир киэн туттар үөрэнээччитэ. Киниэхэ өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
«Кэскил-медиа» киинэ, Амма улууһун Эмис орто оскуолата.