Бэҕэһээ Н.Е. Мординов — Амма Аччыгыйын аатынан үөрэхтээһин холбоһугар «Былааҕы түһэрии» линиэйкэтэ буолла. Онно өрөспүүбүлүкэтээҕи айар тыл аҕата А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылынан «С А.Е. Кулаковским спустя столетие » диэн ааттаах кэтэхтэн ыытыллыбыт күөн күрэскэ кыттан, «Кылаан чыпчаал» аатын ылбыт «Харбалаах уоланнара» хоһоонньуттар бөлөхтөрүн чиэстээтибит. Онтон аактабай саалаҕа психолог Василиса Ивановна Дьяконова «Ура, каникулы!» диэн хамсаныылаах тренини ыытта. Сүүрдүбүт-көттүбүт, үөрдүбүт аҕай!
Онтон ахсыс кылаастарга төрөппүттэр кэлэн коктейль оҥорорго маастар кылаас ыыттылар. Каникулу туһалаахтык атаарарга соруктанан үөрэх чиэппэрин түмүктээтибит.
Наташа Никифорова, 11 кылаас.
Харбалаах, Таатта