Киһи барыта төрөөбүт дойдулаах. Ким эрэ ыраах олорор, ким эрэ дойдутугар олорор, үөрэнэр дьоллоох киһи буолар. Мин төрөөбүт дойдум – Кэбээйи. Кэбээйи – сахалыы тыыннаах дэриэбинэ. Улуус кииниттэн, Сангаартан, 120 км соҕуруу диэки сытар.
Манна мин эһээлээх эбэм, ийэм, чугас аймахтарым олорбуттара, олороллор. Нэһилиэкпэр икки тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Икки этээстээх саҥа өрөмүөннээх оскуолалаахпыт, таас балыыһалаахпыт, кыраайы үөрэтэр музейдаахпыт, үс оҕо уһуйаана о.д.а. тэрилтэлэр үлэлии-хамсыы тураллар.
Мин киэн туттуум – нэһилиэгим ытык харыстанар сирдэрэ буолар. «Оҕус тириитэ», «Томтор», «Чомчуһах», «Кыһыл Кэбээйи», «Таалаайы» о.д.а ытык сирдэри сыллата ыраастыыбыт, харыстыыбыт.
Саха буойун-суруйааччыта, прозаига, поэта, Тимофей Сметанин – биир дойдулааҕым буоларыттан киэн туттабын.
Хайа да улуустан элбэх күөл биһиэхэ баар. Саамай минньигэс собо биһиэхэ баар. Кэбээйигэ ынах-сүөһү мэччийэр алаастара, оттонор ходуһалар, сир аһа, булт арааһа элбэх.
Быйыл оҕолорго анаан спортивнай площадка, эдэр ыччат сынньанар паарката уонна оҕо уһуйаана тутулла турарыттан бары үөрэбит.
Мин төрөөбүт дойдубут төһө да көмүскэ атастаһыам суоҕа. Кэбээйибин – таптыыбын!
Дуолан ПАВЛОВ, 6 кылаас.
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.