Советскай Союз Геройа Николай Саввич Степанов аатын үйэтитэр Д.Г. Макаров аатынан «Зелёный пояс Вилюя» экологическай фонда «Школьные лесничества Вилюя – наследники Героя Советского Союза, воина-лесника Н.С. Степанова» бырайыага РФ Президенин Гранын кыайыылааҕа буолбута.
«Школьные лесничества» бырайыак 2017 сыллаахтан саҕаламмыта. Бырайыак сүрүн сыала — оскуолалар лесничестволарын үлэтин чөлүгэр түһэрии. Бу бырайыак иһигэр улуус араас оскуолалара холбоспуттара, итинник гынан оҕолорго эрдэттэн экологическай иитии киирбитэ. Сүрүн сыал улуус оскуолаларын үлэтин Н.С. Степанов аатынан Бүлүүтээҕи 3-с №-дээх орто оскуола үлэтин кытары холбооһун этэ. Бырайыакка Советскай Союз Геройун А.А. Миронов аатынан Мастаах орто оскуолата эмиэ киирбитэ кэрэхсэбиллээх, Н.С. Степанов төрөөбүт нэһилиэгэ — Арыылаах буолар.
Кэлин бу лесничестволар үлэлэрэ атын бырайыакка салҕаммыта. «Повышение роли практико-ориентированных методов в эко-воспитании и просвещении, развитие и укрепление обучающих площадок экологического фонда «Зеленый пояс Вилюя» им. Д.Г. Макарова» бырайыак эмиэ РФ Президенин Гранын кыайыылааҕа буолбута. Биһиги медиа кииммит бу бырайыакка кыттарыттан киэн туттабыт, ол курдук «ЭКОРепортер» электроннай сурунаалы ый ахсын таһаарабыт.
Руслана АНИСИМОВА, «Репортер» медиакиин
Н.И. Протопопова аатынан «Кэскил» ИТЦ, Бүлүү к.
1
Николай Саввич Степанов родился в Арылахском наслеге. В статье неточность….