Бэдьимэ оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ Айсен КОРЯКИН РФ Президенэ Владимир Владимирович Путин саайтыгар оскуолатын туһунан сурук суруйбут:
“Мин иккис кылааска үөрэнэ сырыттахпына, биһиги дэриэбинэбитигэр аарыма алдьархай буолбута. Икки мэндиэмэннээх хаарыаннаах оскуолабыт умайан хаалбыта. Билигин мин номнуо улаатан, ахсыс кылааска таҕыстым. Уопсай дьиэ тэҥэ кыра, кыараҕас дьиэҕэ үөрэнэбит. Сыл-хонук түргэнник ааһар, сотору оскуоланы бүтэриэм, ол эрээри хайдах эрэ бу сайдыылаах, эйэлээх олоххо тоҕо эрэ биһиэхэ улахан оскуола кыайан тутуллубата хобдох курдук”.
Айсен Корякин – оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, быйыл “Артекка” баран үгүс доҕордонон, элбэҕи билэн-көрөн кэлбитэ. Сыл ахсын олимпиадаларга миэстэлэһэр, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттар, сыаҥкаларга сүрүн оруоллары оонньуур, бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэн буолар.
Оскуолабыт олус кыараҕас, оҕолор сүүрээри- көтөөрү наар истиэнэҕэ кэтиллэллэр. Көрдөрөн үөрэтэр матырыйаал кылааска баппат. Олус эрэйдэнэбит.
Устиния ПОПОВА,
“Бэдьимэ кэскилэ” пост салайааччыта.
2018 сылтан тутуу саҕаланыа!
Мин төрдүс кылаастан саҕалаан, У.И. Попова салайар “Бэдьимэ кэскилэ” пресс-куруһуогар дьарыктанабын. «Кэскил» хаһыакка элбэх матырыйаалы суруйабыт. Бу куруһуокка дьарыктанар оҕо элбэҕи ааҕар, айар дьоҕура арыллар, үөрэҕэр биллэ эбиллэр эбит. Ити курдук, суруйа үөрэммит дьоҕурбунан Россия Президенигэр Владимир Владимирович Путиҥҥа сурук суруйбутум. Мин кыракый, ол эрээри истиҥ сурукпун ылынан, Владимир Владимирович Путин “оскуоланы туттарыам” диэн ис хоһоонноох эрэннэрии суругун тутан олус үөрдүм. “2018 сылтан 80/45 миэстэлээх оскуола-саад тутуута саҕаланыа”, – диэн хоруйдаабыт. Бары олус үөрдүбүт, истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Саҥа оскуола тутулларын эрэнэ кэтэһэбит.
Айсен КОРЯКИН.
Мэҥэ Хаҥалас.