Аан дойдутааҕы «Туймаада» олимпиада бу күннэргэ түмүгэ тахсыаҕа. Сорох кыттааччылар апелляцияҕа сайаапканы биэрдилэр. Бу үлэни хос бэрэбиэркэлээһин буолар.
Физика хайысхатынан эксперт Ефим Неустроев этэринэн, апелляция кэнниттэн оҕолор бааллара эбиллиэн да, кыччыан да сөп. «Холобур, дьүүллүүр сүбэ тугу эрэ көтүтэр, ол эбэтэр оҕо буочарын өйдөөн аахпат. Онон, оҕолор хос бэрэбиэркэҕэ саайапканы биэрэллэрэ сөптөөх. Бу күн түмүгүнэн 37 оҕо апелляция биэрдэ», – диир эксперт.
Оҕо олимпиадаҕа кыттара өйу-санааны, наукаҕа, үөрэххэ дьоҕурун сайыннарыыга көмөлөһөр. Ефим Неустроев эбэн биэрдэ: «Физика олус уустук предмет, онон манна бастыҥнартан бастыҥнар эрэ кытталлар».
Хос бэрэбиэркэни икки төгүл төхтөрүйэн дьүүллэһиэххэ сөп. Кыттааччы уонна дьүллүүр сүбэ иккис төгүлгэ сөбүлэспэтэхтэринэ олимпиадаҕа кыттыбыт оҕо учууталын кытта уопсай бэрэбиэркэлээһин буолар. Быраабыла быһыытынан, апелляцияҕа биир күн бэриллэр. Ол гынан баран, быйыл икки күн буолбут.
Куннэй Егорова, юнкор МИИ-2022