«Кэскил» – оҕо аймах тапталлаах, күүтүүлээх хаһыата. Билигин тапталлаах «Кэскил» хаhыаппытыгар сурутуу бара турар.
Биhиги мэлдьи наhаа кэтэhэбит. Өрөспүүбүлүкэ араас сонуннарын ааҕан билэ охсуохпутун, бэйэбит оҕолорбут суруйууларын көрүөхпүтүн, араас тэрээhиннэргэ көхтөөхтүк кыттыахпытын баҕарабыт. Ол эрээри, хаһыаппыт хойутаан кэлэр буолан, сорох тэрээhиннэри куоттаран кэбиhэбит. Сонуну сойбутун кэннэ ааҕабыт. Быйыл биhиги «Ил Дархан сэттэ сорудаҕа» марафоҥҥа кытта сылдьабыт. Ол туhунан төрөппүттэрбитигэр кэпсээбиппит. Кинилэр өйөөн, хас да хайысхалаах үлэни бэлиэр оҥордубут.
Нэһилиэкпит уопсай мунньаҕар көхтөөхтүк кыттан, нэhилиэги тупсаран оҥорууга, «Эти-хааны эрчийэр былаhаакка тутуутугар» куоластаатыбыт. Үс оҕо бу бырайыак олоххо киирэригэр хамыыhыйаҕа киирдибит: Егор Юмшанов, Семен Слепцов уонна мин. Оҕо, ыччат өттүттэн нэhилиэкпит тупсарыгар биир улахан күүс-көмө буолуо.
Афанасий ПОТАПОВ,
IX кылаас.
Боронук, Дьааҥы.