Саха хомуһа билигин да бэйэтин ураты суолтатын тута сылдьар. Аҥаардас музыкальнай инструмент эрэ курдук буолбакка, саха норуотун дьиҥнээх национальнай култууратын бэлиэтэ. Хомус дорҕоонноох уонна кистэлэҥ тыаһынан дьону-сэргэни өйдүүн-санаалыын, дууһалыын уоскутар, ытыс ымыыта буолан үөрдэр, өрүү сылаанньыта сылдьар.
Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар «Дьүрүһүйэ кутуллар дорҕооннору дьүөрэлээн оонньуур сахам хомуһа» хомуска оонньооччулар курэстэрэ буолла. Араас улуустан ыалдьыттар кэлэн, хомус алыптаах ырыатын тыаһатан, айылҕа, кыыл-сүөл көмүс дорҕоонун дьүрүһүтэн дьону-сэргэни соһутан үөртүлэр.
Анна, Александр Лазавецтар, Нерюнгри:
— Праздник проходит хорошо, мы участвовали в конкурсе стилизованных костюмов, конкурс хомуса (коллаборация), а вчера выступали на основной площадке Түһүлгэ №2 в гала-концерте, поэтому очень довольны. Здесь очень красивая энергетика, нам очень нравится, но правда дорога далекая.
В 2016 году я закончила курсы Юлианы Кривошапкиной. В Якутске училась в колледже культуры и искусств, закончила сначала имитации звуков животных, потом хомус , мне все понравилось и после этого начала самостоятельно развиваться. В этом году поступила в школу «Айархаан» Альбины Дегтяревой .
В этом конкурсе меня участники привели в восторг, все очень талантливые. Сначала я волновалась, что мне ещё надо учиться и учиться, так как я новичок в хомусе. Слушая звуки хомуса, мне хочется дальше развиваться.
Светлана Ильина, Андриан Егоров, «Түһүлгэ» ансаамбыл, Хаҥалас:
— Ыһыах тэрээһиннэрэ олус үчүгэйдик аастылар. Араас курэхтэһии буолла, барытыгар ситиһиилээхтик кытта сылдьабыт.
Мин, Светлана Ильина, М.Н. Жирков аатынан музыкальнай колледжы бүтэрбитим. Уруккуттан хомуска оонньуубун, билигин сайдан-үүнэн элбэх куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттан лауреат үрдүк ааттарын ылбытым.
Мин, Андриан Егоров, хомуска оонньообутум ыраатта. Тыыннаах дорҕооннорго оонньообутум, филиаллары кытары алтыспытым 30 тахса сыл буолла уонна бэйэм 2007 сыллаахха Саха сириттэн бастыкынан Бүтүн Россиятааҕы куонкуруска кыттыбытым. Бу сырыыга хомуһунан Светланаҕа доҕуһуоллаатым, тэтимин билэр буоламмын табылынна дии саныыбын. Маннык куонкурус Олоҥхо ыһыаҕар бастакытын ыытыллар. Хомуһу кытары атын инструмент дьүөрэтэ диэн сурдээх дириҥ ис хоһоонноох уонна уустук, иккиэннэрин истэн оонньуохха наада.
Уруйдаана Афанасьева,
Дайаана Федорова.
«Эрчим» корпост