Саха киһитэ – айылҕа сорҕото. Ол иһин хас биирдии киһи тулалыыр эйгэтин таптыахтаах, харыстыахтаах. Оҕолорбут дойдуларын туһунан санааларын ааҕыаххайыҥ.
Наташа Александрова, I кылаас, Антоновка, Ньурба.
Россия олус киэҥ, улахан. Онтон биир саамай кэрэ муннуга мин Ньурбам дии саныыбын. Дойдум олус кэрэ, баай айылҕалаах, элэккэй дьоннордоох.
Надя Соловьева, I кылаас, 20 №-дээх оскуола, Дьокуускай.
Мин төрөөбүт дойдум Кэбээйи. Кини кэрэ айылҕалаах, элбэх күөллэрдээх. Эмис соботунан аатырар. Кыһын собо сиэтэхпинэ, дойдубар сылдьыбыт курдук сананабын. Дойдубар наар сайылыы барабын.
Айыына Тапыева , I кылаас, II Малдьаҕар, Хаҥалас.
Төрөөбүт дойдум үүнэ-сайда турар. Асфальт суол, оҕо саада туппуттара. Дойдум таас очуостардаах, ыраас уулаах, Өлүөнэ өрүһү көрөн олорор. Олус кэрэ айылҕалаах. Улахан Ааммын олус таптыыбын!
Эрэл Николаев, I кылаас, Өргүөт, Үөһээ Бүлүү.
Үөһээ Бүлүү — ийэм, аҕам төрөөбүт дойдулара. Аймахтарым, доҕотторум бары манна олороллор. Улуус кииниттэн Өргүөт нэһилиэгэр айанныыр суолга дьон бары тохтоон, кэрэхсээн ааһар сирдээх. Аата “Муус Аппа” диэн. Манна төгүрүк сыл устата айылҕа араас дьиктитин көрүөххэ сөп.
Бэлэмнээтэ Нюргуяна Захарова.